РФ бырабыыталыстыбатын анал хамыыһыйата Россия экономикатын бөҕөргөтүүнэн уонна коронавирус тарҕаныытын содулуттан көмүскүүрүнэн дьарыктаныаҕа. Хамыыһыйаны тэрийэр уураах кулун тутар 18 күнүттэн үлэлиир, СИА Парламентская газета-ҕа сигэнэн суруйар.
Хамыыһыйа толорор былаас үлэтин сүрүннүөҕэ уонна наука, уопсастыбаннай тэрилтэлэр, предпринимателлэр холбоһуктарын бэрэстэбиитэллэрин кытта бииргэ үлэлиэҕэ. Судаарыстыба уонна бизнес үп секторын сайдыытын үрдэтиигэ уонна экономика атын хайысхаларыгар анаммыт дьаһаллар оҥоһуллууларыгар уонна толоруллууларыгар бииргэ үлэлиэхтэрэ. Маны сэргэ хамыыһыйа коронавирус инфекцията тарҕаныытын экономическай содулун кытта сибээстээх боппуруостарынан дьарыктаныаҕа.
Коронавирус содула ыарыы аан дойду үрдүнэн төһө тарҕанарын уонна төһө өр турарын кытта тутулуктаах. Бастатан туран, ньиэпкэ сыананы кытта кыһалҕалары итиэннэ туризм бизнеһыгар охсууну аҕалла. Ньиэпкэ сыана түһүүтэ 2020 сылга Россия ВВП үрдүүрүн 0,28% тохтотуон сөп. Счётнай палата салайааччыта Алексей Кудрин пандемияттан РФ экономиката сүтэриитэ сылга 230 млрд солк буоларын эттэ. Манна аан дойдутааҕы экономика кыбаарталлааҕы сүтүгэ 280 млрд доллар буоларын бэлиэтиир тоҕоостоох.
This post was published on 19.03.2020 10:45 10:45