Россия премьер-миниистирэ Михаил Мишустин уурааҕынан, 2022 сылга федеральнай бюджеттан волонтёрдар кииннэрин Ассоциациятыгар субсидия көрүллэр. Үбүлээһин ДНР уонна ЛНР территорияларыгар медицина өҥөтүн хааччыйыыга волонтёрдар үлэлэригэр ананар.
Уураах Ассоциацияҕа субсидияны биэрии быраабылатын бигэргэтэр. Онно олоҕуран, грант маннык сыалга бэриллэр: ДНР уонна ЛНР территорияларыгар медицина өҥөтүн хааччыйыыга, суһал көмөнү оҥорууга, ол иһигэр суһал анал көмө, медкөмө, бастакы медико-санитарнай көмө, маны сэргэ анал, ол иһигэр экстреннай уонна волонтердар быһаччы көмөлөрүгэр; волонтердар балыыһаларга ыарыһахтары медицинскай эвакуация (транспортировка) ыыталларыгар. Бу барыта Российскай Федерация территориятыгар.
Уураах официальнай таһаарыы кэнниттэн күүһүгэр киирэр.
Источник: «Интерфакс»
Хаартыска: «Звезда» еженедельник
This post was published on 12.05.2022 12:01 12:01