Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин э.т. Андрей Тарасенко Нам улууһугар сырытта

Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин э.т. Андрей Тарасенко Нам улууһугар национальнай бырайыактар хаамыыларын кытары билистэ диэн, СИАҕа бырабыыталыстыба пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.


Чунуобунньук улууска бара турар тутуулары көрдө. Ол курдук Дьокуускай-Нам-Булуус региональнай суолталаах суолга саҥалыы уларытан тутууну көрдө, Кириэс-Кытыл нэһилиэгэр 220 миэстэлээх, 50 оҕо олорор интернаттаах оскуола тутуутун билистэ. Маймаҕаҕа «Кыталык» култуурунай-спортивнай комплекс тутуутун, Намҥа култуура дыбарыаһын көрдө.

Маны таһынан Андрей Тарасенко «Дайыына» сайылыкка сырытта. Хатырык нэһилиэгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын түмэлигэр сылдьан Максим Аммосов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурда, өрөспүүбүлүкэ устуоруйатын кытары билистэ.

Тарасенко тыаҕа дьон көхтөөҕүн, элбэх үлэ барарын бэлиэтээтэ. Инники үлэ хайысхаларын торумнаата.

This post was published on 05.08.2020 15:01 15:01