Быраастар мобильнай биригээдэлэрэ Усуйаана оройуонун Депутатскай бөһүөлэгэр үлэлииллэр. Кинилэр бу сыл олунньутугар Арктика улуустарыгар сылдьыбыттара, онно Уус-Куйга, Нижнеянскай, Депутатскай, ону тэҥэ Хаһааччыйаҕа, Тумат уонна Юкагир бөһүөлэктэрин олохтоохторугар көмөнү оҥорбуттара.
«Ыам ыйын 13 күнүттэн Депутатскайга үлэлиибит. Бастакы икки күн кырдьаҕастар уонна инбэлииттэр дьиэлэригэр олорооччулары көрбүппүт, барыта 56 доруобуйатын туругун бэрэбиэркэлээтэ», — диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи мобильнай биригээдэ салайааччыта Артем Ксенофонтов кэпсээтэ.
Усуйаана улууһун интернат- дьиэтин дириэктэрэ Дмитрий Тихонов икки күн иһигэр исписэлиистэр интернат-дьиэҕэ олорооччулары эрэ буолбакка, тэрилтэ үлэһиттэрин эмиэ көрдүлэр диэн иһитиннэрдэ.
This post was published on 16.05.2023 11:03 11:03