Саҥа дьыллааҕы каникуллар кэмнэригэр үлэлээбит быраастар хамнастарыгар эбии төлөбүр икки төгүл эбиллэн бэриллиэҕэ. Харчыны тохсунньу 15 күнүн кэннэ биэриэхтэрэ. Бу туһунан вице-премьер Татьяна Голикова эттэ, суруйар «Российская газета».
«Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ тохсунньу 15 күнүгэр диэри социальнай страховкалааһын пуондатын реестрыгар медицина тэрилтэлэрин испииһэгин тиксэриэ. Онон тохсунньу 16 күнүттэн үрдэтиллибит төлөбүрдэри тустаахтар ылан барыахтара», — диэтэ вице-премьер бырабыыталыстыба мунньаҕар.
Коронавирустаабыт ыарыһахтары кытта үлэлиир медиктар эбии төлөбүрү ааспыт сыл сэтинньититтэн ылаллар. Сэтинньи, ахсынньы ыйдарга балтараа мөл кэриҥэ медицина үлэһитэ ылбыта. Эбии төлөбүр уопсай суумата 44,4 млрд солк. Дойду президенин сорудаҕынан бу төлөбүр саҥа дьыллааҕы бырааһынньыктар кэмнэригэр үлэлээһиҥҥэ икки бүк улаатар.
This post was published on 14.01.2021 16:01 16:01