Иэдьэгэй быарга олус туһалааҕын туһунан диетолог-быраас Нурия Дианова кэпсээтэ. Бу бородуукта быар метаболизмын лаппа тупсарар уонна ол түмүгэр сыатын кыччатарын бэлиэтээтэ. Маныаха иэдьэгэйгэ баар метионин диэн аминокислота көмөлөһөр, диэн Российская газета иһитиннэрэр.
«Киһи саамай кыччаабыта күҥҥэ 50 грамм иэдьэгэйи сиэхтээх, — диэтэ диеотолог уонна «маны киэһэ да сарсыарда да сиир туһалаах», диэн чопчулаан эттэ.
Медицинскэй наука кандидата, эндокринолог Зухра Павлова иэдьэгэйи бытаан углеводтардаах бородуукталары кытары сиири сүбэлээтэ — оҕуруот аһа, туораахтаах бурдуктан килиэп, барыанньаны биитэр мүөтү эбэри тохтотор ордугун бэлиэтээтэ. Ону тэҥэ, иэдьэгэй 5-9 % арыылаах буолара ордук. Саамай сүрүнэ, иэдьэгэйи, эбэтэр иэдьэгэйтэн оҥоһуллубут аһылыгы (холобур, сырниктар) сиэн баран чэй эбэтэр кофе иһэр көҥүллэмэтин тоһоҕолоото.
«Бу утахтар кальцийы киһи этиттэн-хааныттан суурайан таһаараллар, ол иһин иэдьэгэйгэ баар тимир, кальций, В уонна А бөлөх битэмииннэрин суох гыналлар», — диэн эндокринолог сэрэттэ.