11 Бэс ыйа 11.06
  • 21°
  • $ 78,6
  • 89,79

Былырыыҥҥыга тэҥнээтэххэ ойуур баһаара быйыл аҕыйах

11:22, 10 июня
Текст:
Хаартыска: Саха сирэ саайт
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ
«Россия 24» федеральнай ханаалга Ил Дархан Айсен Николаев ойуур баһаардарын уопсай туруктарын туһунан кэпсээтэ, суруйда Саха сирэ саайт.

Кини иһитиннэрбитинэн, ойуур баһаардара бэлиэттэммит сир уопсай иэнэ, былырыыҥҥыга холоотоххо, быдан кыра.

«Ойуур баһаардара Саха сиригэр — биһиги сыл ахсын көрсөр айылҕабыт көстүүтэ буолар. Бу сылга биһиэхэ 129 ойуур баһаара бэлиэтэнэр. Саамай элбэх ойуур баһаара 2021 сыллаахха буолбута. Ити сыл 152 баһаар бэлиэтэммитэ. Бэлиэтээн эттэххэ, 37 тыһ. гектар сир уокка сиэтилиннэ, былырыын 119 ойуур баһаарыгар уот 110 тыһ.гектары ылбыта», — диэтэ Айсен Николаев.

Онон быйылгы ойуур баһаардарын ылбыт сирин иэнэ былырыыҥҥытааҕар кыра бэлиэтэммит.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА