22 Сэтинньи 22.11
  • -29°
  • $ 100,68
  • 106,08

Былатыан Ойуунускай төрөөбүт Чөркөөҕөр Судаарыстыбаннас күнэ бэлиэтэннэ

10:01, 27 апреля 2021
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Муус устар 27 күнэ — Саха сирин олохтоохторугар өрөгөйдөөх үөрүүлээх күн! Бу күн 99 сыл анараа өттүгэр, 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр Бүтүн Россиятааҕы Киин Ситэриилээх Комитет декретинэн Саха Автономнай Советскай Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ үөскээбитэ. Аныгы Саха сирин таатталара биир дойдулаахтара Былатыан Ойуунускай сырдык аатын, оҥорбут үйэлээх үлэтин кэриэстээтилэр.


Ол ыраах дирбиэн-дарбаан күннэри солбуйса олохпут, Таатта эбэбит ыраас уута сүүрүгүрэрин курдук, үгүс өксүөннээх, сороҕор будулҕаннаах, ардыгар сүөм түһүүлээх, ол эрээри үгүс үөрүүлээх-көтүүлээх кэмнэри-сыллары аһардан аҕалла. Улуу убайбыт Платон Алексеевич норуотугар кэс гынан суруйан хаалларбыт «Сүүс сыллаах улуу былааныгар» кэпсэнэрин курдук кэмҥэ билигин олоробут.

Муус устар 26 күнүгэр, Судаарыстыбаннас күнүн иннинэ, Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннас түмэлигэр кини аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни ылбыт, төрөөбүт норуоттарыгар үйэлээҕи суруйан, айан-тутан хаалларбыт дьоммутун кэпсиир быыстапка арылынна. Маны таһынан үтүө үгэс курдук Платон Алексеевич төрөөбүт-үөскээбит, киинин түһэрбит алааһыгар, балаҕаныгар Дэлбэрийбит алааска улуус баһылыга Михаил Соров кыттыылаах делегация кэлэн миитин тэрилиннэ. Билигин аан дойдуну аймаабыт хамсык кэмин иккис долгуна кэлэн «хаайтарыы» биллэриллэн, тэрээһин киэҥҥик ыытыллыбата.

Миитин кыттыылаахтара Чөркөөххө судаарыстыбаннас мусуойугар кэлэн саҥа быыстапканы аһан, кэрэхсээн, сонун этии киллэрдилэр.

Судаарыстыбаннай бириэмийэ олохтонуутун туһунан сырдаттахха, Платон Алексеевич Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэ Саха АССР Министрдэрин Сэбиэтин уурааҕынан 1966 сыл тохсунньу 26 күнүгэр олохтоммута. Бастаан өрөспүүбүлүкэтээҕи суолталааҕа. Бириэмийэни олохтооһун сүрүн сыалынан – Саха норуотун чулуу уолун, саҥа олохтоммут өрөспүүбүлүкэ бастакы салайааччытын, бөдөҥ государственнай-политическай деятель, учуонай, суруйааччы, бөлөһүөк Платон Алексеевич Ойуунускай аатын үйэтитии буолбута. Бу бириэмийэ Саха сирин олохтоохторугар литература, искусство уонна архитектура салааларыгар уһулуччу көрдөрүүнү ситиспит киһиэхэ ананар.

2003 сыллаахха, Платон Алексеевич төрөөбүтэ 110 сылыгар, саха народнай суруйааччыта, оччолорго республика суруйааччыларын сойууһун председателэ Софрон Петрович Данилов бириэмийэ Государственнай статустаах буоларын ситиспитэ. 2004 сыл бэс ыйын 14 күнүгэр П.А.Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ «Саха Өрөспүүбүлүкэтин государственнай наҕараадатын туһунан» сокуонугар киллэриллибитэ. Бириэмийэни анааһын Саха Өрөспүүбүлүкэтин баһылыгын уурааҕынан тахсар уонна Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр муус устар 27 күнүгэр туттарыллар.

Быйыл бу айар куттаах дьон үрдүк наҕараадалара олохтоммута 55 үбүлүөйдээх сыла. Онон музейга манна аналлаах быыстапка тэриллибитэ саамай тоҕоостоох.

П.А.Ойуунускай аатынан бастакы бириэмийэни 1966 сыллаахха от ыйын 7 кунугэр РСФСР народнай худуоһунньугар, график, кэлин профессор, СӨ Бочуоттаах гражданина буолбут Афанасий Петрович Мунхаловка туттарыллыбыта. Киниэхэ бу үрдүк аат «Мин хотугу сирим» диэн линогравюратын иһин иҥэриллибитэ.
Онтон Таатта улууһуттан уонна мантан тардыылаах Улуу биир дойдулаахтарын аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэни 9 киһи ылбыта. Кинилэр: саха народнай суруйааччыта, Чөркөөхтөөҕү аһаҕас халлаан анныгар турар уонна Суоттуга «Доҕордоһуу» музейдарын төрүттээбит Д.К.Сивцев-Суорун Омоллоон, саха народнай суруйааччыта Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа, философскай наука доктора, профессор А.Е.Мординов, ойууһут, тимир ууһа Б.Ф.Неустроев-Мандар уус, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ духуобунус Академиятн академига, учуонай С.П.Ойуунускайа, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, поэт, кириитик, тылбаасчыт, кыраайы үөрэтээччи Н.Е.Винокуров-Урсун, РФ уонна СӨ архитектордарын сойууһун чилиэнэ, уус Э.А.Алексеев, ХИФУ хотугулуу-илиҥҥи норуоттарын тылларын уонна культуратын институтун саха литературатын кафедратын доцена, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна В.Н.Протодьяконов, СӨ үтүөлээх артыыската, поэт, прозаик, РФ суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Е.В.Слепцова-Куорсуннаах буолаллар.

Биир дойдулаахпыт, суруйааччы Николай Егорович Винокуров-Урсун бу үрдүк бириэмийэни 2008 сыллаахха ылбыта. Ол туһунан олус долгуйан туран: «Ити сылларга миигин хас да тэрилтэ уонна суруйааччылар сойуустара национальнай библиотекаҕа буолбут мунньахха, 2005 сыллаахха тахсыбыт норуотум историятын суруйбут «Быралыйбыт былыргы», «Отут ордугуна үс» кириитикэҕэ үлэлэрбин ырыппыттара. Ааҕан баран бу кинигэлэр сыаналаммакка сылдьаллар эбит диэн Андрей Иванович Кривошапкин, Калитин эппиттэрэ. Оччолорго «Орто дойду» диэн хаһыат тахсара. Онно Валентина Бочонина «Урсун урдук урсуҥҥа» диэн биир балаһаны таһаарбыта. Ол барыта төһүү күүс буолан, суруйааччылар бырабылыанньаларыгар этии киирбитэ – Платон Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэҕэ түһэрэргэ. Мин үлэбэр сыана биэрэн Андрей Иванович Кривошапкин, Гаврил Андросов суруйбуттара. Онон хамыыһыйаҕа баар 10 киһиттэн 8 киһи мин туспар куоластаан, П.А.Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэҕэ түһэрбиттэрэ. Бу иннинэ, 2007 сыллаахха Казахстан «Алаш» диэн литература үрдүк бириэмийэтин ылбытым. Онон икки улахан бириэмийэ даҕаспыт курдук утуу-субуу кэлбиттэрэ. Суруйар эйгэҕэ өр сыллаах, чуолаан саха норуотун историятыгар уонна кириитикэ өттүгэр үлэлэрим сыаналаммыттарыттан сүргэм өрө көтөҕүллүбүтэ. Онон бу бириэмийэлэри ылан баран «Умнуллубат урукку», «Алтыһыылар, ахтыылар» диэн кинигэлэрим сыллата күн сирин көрбүттэрэ. Убайбыт Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ, суруйааччы киһиэхэ, олус суолталаах улахан наҕараада. Бу олохпор биир саамай бастыҥ, күндү, үрдүк наҕараадам буолар», — диэн ахтар.

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА