Күн-дьыл туран биэрбитигэр от үлэтэ салгыы ыытыллыахтаах. Ити туһунан бастакы вице-премьер Петр Алексеев улуустары кытта селекторнай мунньахха эттэ.
«Оройуоннарга барыларыгар балаҕан ыйын ортотугар диэри от үлэтэ тохтуо суохтаах. Өрөспүүбүлүкэ тас өттүттэн оту тиэйэн аҕалары былааннаабаппыт», — диир Петр Алексеев.
Былаан туолбутун да иһин, үлэ тохтуо суохтааҕын кини этэр. Оттооһуҥҥа ыарахаттары көрсүбүт улуустарга ордубут от тиэрдиллиэҕэ. Алта улуус үчүгэй көрдөрүүлээҕэ биллэр, кинилэр ирдэниллэр көрдөрүү 70 бырыһыанын толорбуттар. Ол улуустар ахсааннарыгар Чурпчы, Кэбээйи, Таатта, Мэҥэ Хаҥалас, Орто Халыма, Өлөөн улуустара бааллар.
Өрөспүүбүлүкэ 19 оройуонугар уонна куоратыгар былаан 30%-60% туолбут. Олохтоох дьаһалталар бытаарыылара уонна күүстээх, уһун ардахтар былаантан улаханнык хаалыы сүрүн төрүөтүнэн буолбуттар.
Саха сирэ уопсайа 418 тыһ. тонна дороххой аһылыгы, 15,5 тыһ.сиилэһи уонна 9,8 тыһ.тонна сенаһы бэлэмниир соруктаах. Комбикорумунан хааччылыы 4,3 тыһ.тонна, зернофураж – 3,1 тыһ.тонна.
Атырдьах ыйын 30 күнүнээҕи туругунан от үлэтигэр 11311 тыраахтар, 10500 звено үлэлииллэр. 348652 тоннаны оттообуттар, былаан 70% туолбут.
Синоптиктар этэллэринэн, балаҕан ыйын 5 күнүгэр диэри күн-дьыл сылыйара күүтүллэр. Киин оройуоннарга күнүс +27, хоту уонна илин +10-20 кыраадыска тиийэ сылыйыахтаах.
This post was published on 31.08.2016 15:17 15:17