От ыйын 24 күнүнээҕи туругунан, «Өлүөнэтээҕи холбоһуктаах пароходство» ААУо 710 тыһ. тонна таһаҕас араас көрүҥүн тиэйдэ. Ааспыт сыл бу кэминээҕи туругун кытары тэҥнээтэххэ, 60 тыһ. т элбэх таһаҕас тиэллибитин туһунан пароходство пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
Бу күннэргэ хоту өрүстэринэн тиэллиэхтээх таһаҕаһы таһыы-тиэйии үлэтэ саҕаланна. Уопсайа былааннаммыт таһаҕас 20%-нын бу хайысхаларынан ыыттылар. Хомойуох иһин, быйылгы навигацияҕа хоту өрүстэргэ дириҥэтии үлэтин ситэ ыыта иликтэр. Онон суудуналар сырыыларыгар тыҥааһыннаах балаһыанньа үөскүөн сөп.
От ыйын саҥата Алдан өрүскэ уу таһыма намтаан уонна буруо мэһэйдээн, суудуналар сырыылара тохтуу сылдьыбыта. Билигин уу элбээн, бу хайысханан үлэ күүскэ ыытыллара былааннанар.
Өлүөнэ өрүһүнэн муораны нөҥүөлээн Дьааҥыга киирии саҕаланыахтаах этэ даҕаны, муус өрөһөлүү анньыллан, тиэйии-таһыы үлэтэ саҕалана илик. Быков Мыска билигин «Капитан Бабичев» ледокол, «Сибирскэй» үс теплоход уонна таас чоҕу тиэммит икки баржа кэтэһэн тураллар. Муораҕа табыгастаах усулуобуйа үөскээтэ даҕаны салгыы айанныахтаахтар.
This post was published on 25.07.2017 15:26 15:26