Быйылгы сылга 5 тыһ социальнай хантараагы түһэрсэр сорук турар

Быйылгы сылга социальнай хантараактары түһэрсиигэ, федеральнай бүддьүөттэн үбүлээһини киллэрэн туран, 607,1 мөл солкуобай көрүллүө. Ити үпкэ 5 тыһ хантараагы түһэрсэр сорук турар. Бу туһунан СИА үлэ уонна социальнай сайдыыга министиэристибэтин иһитиннэриитигэр сигэнэн суруйар.


354 дьиэ кэргэн үлэ көрдөөһүнүгэр хантараак түһэрсиэ. 1 050 ыал – урбаан, 601 – кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ, 2 919 – олох ыарахаттарын туоруурга туһуламмыт араас тэрээһиннэргэ.

«»Үлэ көрдөөһүнэ» диэн салаа быйылгыттан баар буолла. Сүрүн сыала диэн, кыһалҕалаах дьон саҥа идэҕэ үөрэнэн, үлэ булуулара буолар», — диир үлэ уонна социальнай сайдыы миниистирин солбуйааччы Афанасий Постников.

Саҥа идэҕэ эбэтэр саҥа үөрүйэххэ бэйэ дьыалатын уонна кэтэх хаһаайыстыбаны тэриниигэ социальнай хантараагы түһэрсибиттэр эмиэ уһуллуохтарын сөп.

This post was published on 27.05.2021 15:02 15:02