«Дыгын оонньуулара» быйыл пандемиянан сибээстээн ахсынньы 5-6 күннэригэр «Өрөгөй» спорткомплексыгар көрөөччүтэ суох ыытыллыахтара. Кэтэһиилээх күрэхтэһиини НВК «Саха» саалаттан быһа көрдөрүө.
Национальнай многоборье федерацията иһитиннэрбитинэн, оонньуу көрүҥнэрэ оннунан хааллылар. Бөҕөстөр уруккутун курдук ыстаныыга, тутум эргииригэр, мас тардыһыыга, оҕунан ытыыга, хапсаҕайга, сүүрүүгэ, ыарахан ыйааһыннаах тааһы көтөҕүүгэ күрэхтэһиэхтэрэ.
Кыттааччылар састааптара, сүүмэрдээһин ситэри ыытыллыбакка, биллибэккэ сылдьыбыта чуолкайданна. Эрдэ Хаҥалас улууһуттан Егор Филиппов, урукку оонньуулар кыайыылааҕын быһыытынан, Кэбээйиттэн Алексей Уваровскай, Ньурбаттан Владимир Федоров бастакы сүүмэрдиир түһүмэх кыһыл көмүс мэтээллэрин хаһаайыннарын быһыытынан кытталлара биллэрэ.
Чуолкайдааһын түмүгэр «Дыгын оонньууларыгар» Намтан Артем Варданян, Амматтан Леонид Филиппов, Чурапчыттан Павел Друзьянов, Томпоттон Алексей Протодьяконов, Горнайтан Дьулустан Ноговицын, Тааттаттан Николай Матаннанов, Өлөөнтөн Айсен Семенов, Уус-Алдантан Никита Новгородов, Мэҥэ-Хаҥаластан Егор Свинобоев кыттыахтара.
This post was published on 23.11.2020 11:01 11:01