«Азия оҕолоро» VI Оонньуулар балаһыанньаларынан, кыттар дойдулар бүтэһиктээх састааптара 2016 сыл тохсунньутун эргэтигэр диэри быһаарыллыахтаах. Билиҥҥитэ Оонньууларга кытталлара күүтүллүбүт дойдулартан үксүлэрэ «Азия оҕолоругар» кыттар баҕалаахтарын биллэрдилэр, ону Азия континенын дойдуларын национальнай олимпийскай кэмитиэттэрэ суругунан бигэргэттилэр.
2016 сыл тохсунньу 11 күнүнээҕи туругунан, «Азия оҕолоро» оонньуулар норуоттар икки ардыларынааҕы кэмитиэтин аадырыһыгар VI Оонньууларга кыттарга Азербайджантан, Бангладештан, Бахрейнтан, Бутантан, Вьетнамтан, Гонконгтан, Ирактан, Ирантан, Йементэн, Казахстантан, Камбоджаттан, Китайтан, Корея Республикатыттан, Кувейтан, Кыргызстантан, Лаостан, Мальдиваттан, Монголияттан, Непалтан, Пакистантан, Палестинаттан, Туркменистантан, Сингапуртан, Сирияттан, Таджикистантан, Филиппинтэн уонна Шри-Ланкаттан 27 сайаапка киирдэ. Өссө 10 дойду — Афганистан, Бруней, Индия, Индонезия, Катар, Макао, Саудовскай Аравия, Узбекистан, Япония уонна Былыргы Олимпия сайаапкатын бэлэмнии сылдьар.
Ону тэҥэ Россияттан Москва, Уфа, Казань, үс федеральнай уокурук (Ураллааҕы, Сибиирдээҕи, Уһук Илиҥҥи) хамаанадалара уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн икки хамаанда кыттар.
Омук дойдуларыттан саамай элбэх спортсмены Туркменистан сүүмэрдэммит хамаандата туруорар — 199 киһи 16 көрүҥҥэ күрэстэһиэ. Афганистан — 11, Бангладеш 9 көрүҥҥэ кыттар баҕалаахтарын биллэрдилэр. Оттон Казахстан «Азия оҕолоругар» 153 спортсмены аҕалан бары 22 көрүҥҥэ кыттыаҕа.
VI «Азия оҕолоро» Оонньууларга барыта 152 объект туһаныллыа, олортон 12-гэр күрэхтэһиилэр ыытыллыахтара, 22 — эрчиллиигэ ананыа.
Онон 2016 сылга буолар VI «Азия оҕолоро» норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар састаабынан уонна кыттааччыларын ахсаанынан 1996 сылтан ыытыллар күрэхтэһии историятыгар саамай далааһыннаахтарынан буолуохтара.
VI «Азия оҕолоро» оонньуулар пресс-кииннэрэ
This post was published on 13.01.2016 14:07 14:07