Олунньу 13 күнүгэр Саха сирин бырабыыталыстыбатын отчуотугар өрөспүүбүлүкэ тырааныспарын уонна суол хаһаайыстыбатын миниистирэ Владимир Сивцев быйыл Жатайга 360 миэстэлээх саҥа оскуола үлэҕэ киириэхтээҕин иһитиннэрдэ.
Саҥа оскуола өрөспүүбүлүкэ инвестиционнай бырагырааматын чэрчитинэн федеральнай үбүлээһин көмөтүнэн тутуллуоҕа. Тутууну 2023 сыл бүтүүтэ түмүктүүр былааннаахтар.
Ону сэргэ федеральнай бүддьүөтүнэн Жатай бөһүөлэгэр Северная уулуссаҕа 200 миэстэлээх, элбэх кыбартыыралаах олорор дьиэни тутуохтара.
Көрсүһүүгэ биир сүрүн боппуруоһунан суол өрөмүөннэниитэ буолла. Владимир Сивцев 2022 сыллаахха Дьокуускай-Жатай-Булуус хайысханан «Нам» суолугар өрөмүөннээһин үлэтэ түмүктэммитин бэлиэтээтэ. Бу учаастакка суол бары ирдэбилгэ эппиэттиир диэн бэлиэтээтэ.
This post was published on 14.02.2023 11:02 11:02