2024 сылга Урбааны сайыннарыы пуондата 81 урбаанньыкка уопсайа 309,23 мөлүйүөн солкуобай суумалаах көмөнү оҥорбут: 56 урбаанньыкка 4-12 %-наах чэпчэтиилээх кирэдьиит биэрбиттэр (165,3 мөл.солк.), 25 урбаанньыкка кирэдьиит ылалларыгар мэктиэлээһин (поручительство) оҥорбуттар, онон кинилэр 332,97 мөл.солк. суумалаах кирэдьиити ылбыттар.
37 урбаанньыт чэпчэтиилээх кирэдьиити ыларга федеральнай көмөнү туһаммыт, «1764» бырагырааманан 277 урбаанньыт 0,929 миллиард солкуобай суумалаах үбү ылбыт.
100-тэн тахса хампаанньа «1764» чэпчэтиилээх кирэдьииттээһин бырагырааматын уонна Национальнай мэктиэлээх систиэмэ көмөтүнэн, эбии үбү ылбыттар. Бу бырагыраамалар инвестиционнай бырайыактары үлэлэтэргэ эмиэ туһалаахтар.
2023 сылга «Малое и среднее предпринимательство» национальнай бырайыак көмөтүнэн, урбаанньыттар барыта 9,2 миллиард солкуобайдаах көмөнү ылбыттар, суруйда Ил Дархан, бырабыыталыстыба пресс-сулууспата.
This post was published on 26.06.2024 15:31 15:31