Быйыл “Симэммит Мааныкай” куонкурус Арассыыйа бары регионун хабыаҕа

Былырыын, “Саха” НКИХ Чурапчытааҕы филиалын дириэктэрэ Анна Семенова: “1-кы ханаалтан эрийэ сырыттылар. Төлөйдөр ынаҕы симээбит куонкурустарын туһунан биэриибитин нууччалыы барыйаанын көрдөөтүлэр, аны мантан түүн ол ону бэлэмниир эбиппин, сарсыарда көрдөрөллөр үһү,” — диэн Хадаарга буолбут дьаһалтан аргыстаһа айаннаан иһэн соһуйа кэпсээбиттээҕэ.

This post was published on 31.10.2023 12:33 12:33