Быйыл сэтинньигэ барыта тоҕус күн өрүөхпүт

Үлэ халандаарыгар олоҕуран, үүнэр ыйга барыта 21 күн үлэлиэхпит итиэннэ, бырааһынньыгы уонна субуоталаах өрөбүллэри ааҕан туран, тоҕус күн сынньаныахпыт.


Сэтинньи 4-гэр Арассыыйа олохтоохторо Норуот сомоҕолоһуутун күнүн уон үһүс төгүлүн бэлиэтиэхтэрэ.

Бу күн субуотаҕа түбэһэринэн, РФ бырабыыталыстыбатын 2016 сыл атырдьах ыйын 4 күнүнээҕи “2017 сылга өрөбүл күннэри көһөрүү туһунан” уурааҕар олоҕуран, атын күҥҥэ көһөрүллэн бэриллиэҕэ. Ол курдук, сэтинньи 6-та, бэнидиэнньик, өрөбүл күнүнэн биллэриллиэҕэ. Онон сэтинньи 4-тэн 6-гар диэри сынньаныахпыт. Бырааһынньык күнүн иннинээҕи бээтинсэ, сэтинньи 3-һэ, кылгас үлэ күнүнэн буолуоҕа.

This post was published on 18.10.2017 16:22 16:22