Быйыл Саха сирин олохтоохторо массыанньыктарга 727 мөл солкуобайтан тахса сууманы ыыппыттар

Быйыл 10 ый устата Саха сирин олохтоохторо массыанньыктарга 727 мөл.  солк. тахса сууманы ыыппыттар. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэҕэ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр.

Тохсунньуттан алтынньыга диэри Саха сиригэр барыта 1827 дистанционнай албыннааһын уонна картаттан үп-харчы уорааһынын 575 түбэлтэтэ бэлиэтэннэ.

Санатан эттэххэ, аҥардас ааспыт сууккаҕа өссө икки түбэлтэ бэлиэтэммитэ. Эмсэҕэлээччилэр 3 мөл. солк. тахса сууманы массыанньыктарга ыыттылар.

This post was published on 22.11.2023 13:44 13:44