Быйыл Саха сирин олохтоохторо 4,5 тыһыынчаттан тахса социальнай хантараак түһэристилэр

Саха сиригэр сыл саҕаланыаҕыттан 550 мөл. солк. кэриҥэ суумаҕа уопсайа 4520 социальнай хантараак сүбэлэһиитэ оҥоһулунна. Ити былырыыҥҥытааҕар 1266 элбэх.

Ол курдук, 280 хантараагы үлэ көрдүүр хайысхаҕа, 844 чааһынай урбаан дьыалатыгар, 251 дуогабары тус кэтэх хаһаайыстыбаны салайыыга түһэристилэр.

Ону тэҥэ, 1757 ыал өрөспүүбүлүкэҕэ тиийинэн олоруу алын кээмэйигэр тэҥнэһэр төлөбүрү ылла.

This post was published on 23.10.2023 16:05 16:05