Быйыл тыа хаһаайыстыбатын сайыннарыыга 13 млрд солк. тахса үбү биэрдилэр. 2022 сыл түмүгүнэн сүөһү иитиитин бородууксуйата 20 млрд 280 мөл. солк. дохуоту аҕалара күүтүллэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин бастакы солбуйааччы Петр Попов иһитиннэрдэ.
«Былааннанар сыыппаралары этэр буоллахха, сүөһү иитиитин бородууксуйата 20 млрд 280 мөл. солк. үбү киллэрэрэ күүтүллэр. Быйыл 70 тыһ. туонна хортуоппуй уонна 30,5 тыһ. туонна оҕуруот аһа хомуллуохтаах. 443 тыһыынча туонна от бэлэмнэннэ, билигин былаантан хаалан иһэбит», — диэн өрөспүүбүлүкэ тыатын хаһаайыстыбатын миниистрин солбуйааччы кэпсээтэ.
Санатан эттэххэ, тыа хаһаайыстыбатын, оҥорон таһаарар бородууксуйатын сайыннарыы бырагыраама 2024 сылга диэри суоттаммыт
This post was published on 07.10.2022 09:03 09:03