Быйыл Саха сиригэр үс харах балыыһатын арыйыахтара

Өрөспүүбүлүкэтээҕи харах балыыһата быйыл Дьокуускайга, Алдаҥҥа, Уус-Алдаҥҥа бэйэтин салааларын аһыа. Бу туһунан балыыһа кылаабынай бырааһа Иван Луцкан социальнай ситиминэн быһа тахсыытын кэмигэр иһитиннэрдэ.


«Билигин харах балыыһата өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн сэттэ филиаллаах: Ньурбаҕа, Ленскэйгэ, Өлүөхүмэҕэ, Сунтаарга, Зырянкаҕа, Нерюнгрига, Чульмаҥҥа. Быйыл эбии үс салаа аһыллара былааннанар. Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кинигэр аһыллар салааҕа куорат олохтоохтохторун көрүөхтэрэ итиэннэ эпэрээссийэлэнээччилэри бэлэмниэхтэрэ. Маны таһынан, икки балыыһаны Алдан уонна Уус-Алдан улуустарыгар аһыахпыт», — диэтэ Иван Луцкан.

Филиаллар көмөлөрүнэн олохтоохтор миэстэтигэр тустаах көмөнү ылар кыахтаныахтара.

This post was published on 04.02.2021 15:02 15:02