2020 сылга оскуоланы бүтэрээччилэр БКЭ бырагырааматынан икки предмеккэ эксээмэн туттарыахтара. Бу үрдүк үөрэххэ киирэллэригэр наадалаах. РФ үөрэҕин миниистирин солбуйааччы Дмитрий Глушко РИА-новостига эттэ.
Дмитрий Глушко эппитинэн, БКЭ дойду үрдүнэн биир расписаниенан ыытыллыа.
«РФ үрдүк үөрэхтэрин кыһаларыгар үөрэхтэрин салгыан баҕарааччы выпускниктар онно сөп түбэһэр эксээмэннэри талан туттараллар. Ити икки эксээмэн, оҕо ханнык факультекка киирэринэн бэйэтэ талар», — диэтэ Глушко «Россия 24» ханаалыгар.