Быйыл "Орто дойду" зоопаркаҕа төрөөбүт үрүҥ эһэ оҕотугар аат талаллар

«Орто Дойду» зоопарка олохтоохторо Колыманалаах Ломоносов быйылгы оҕолоругар аат толкуйдааһына салҕанан барар. Бу нэдиэлэҕэ үрүҥ эһэчээн аата биллиэҕэ, СИА суруйар.


Барыта 500 аат киирдэ. Ааты толкуйдааһыҥҥа үрүҥ эһэчээн төрөөбүт сиригэр, Кыайыы сылыгар, төрөппүттэрин ааттарыгар сигэнии баар.

Зоопарка паблигар саамай биллэр ааттар бэчээттэннилэр:

Боотур — бухатыыр, күүстээх-уохтаах. Снежок – хаарга сыһыаннаах. Чысхаан — тымныыны, тыалы-кууһу кытта сибээстээх. Чолбон – чаҕылхай сулус. Алмаз – күндү таас курдук кытаанах, чаҕылхай диэни кытта тэҥнии көрбүттэр. Айс — английскай тылтан тылбааһа «муус». Эркээни — «Орто-Дойду» зоопарка олохтоммут Өлүөнэ хочолоруттан биирдэстэрэ. Локо — төрөппүттэрэ Ломоносов уонна Колымана ааттарын холбообуттар. «Дядя Федя эбэтэр Федор», Колымананы кыра эрдэҕинэ быыһаабыт уонна үрүҥ эһэлэри кэтээн көрөр Яковлев Федор Георгиевич чиэһигэр. Бу аат БАМ Саха сиринээҕи этэрээтин кыттыылаахтарынан толкуйданна.

This post was published on 09.06.2020 14:28 14:28