Бүгүҥҥү күҥҥэ Саха сиригэр өрүс тырааныспарынан дьону таһыыга 16 суудуналаах, олортон ууну үтэр — 3, салгын уйуктааҕа — 4 уонна түргэн — 9 суудуналар.
Уу уонна тимир суол тырааныспарын департаменын салайааччытын солбуйааччы Ирина Черная иһитиннэрбитинэн, «Ломоносов» теплоход Өлүөнэ очуостарын улахан маршрутунан сылдьыаҕа. Оттон «Метеор» суудунаны Дьокуускай-Өлүөхүмэ маршрутунан рейси оҥорууга туһаналлара былааннанар. Суудуна 120 киһини батарар.
Ону таһынан, «Ленскэйдээҕи холбоһуктаах өрүс пароходствота» ААО 2024-2025 сылларга инвестиционнай бырагырааманан 11 өрүс суудуналары саҥардары былаанныыллар.
Ону тэҥэ, 2024 сылга РФ Бэрэсидьиэнэ Владимир Путин сорудаҕынан, Жатай судоверфи тутуу түмүктэнэрэ былааннанар. Аны кэлэр сылга Саха сиригэр «өрүстэр» уонна «өрүстэр-муора» кылаастаах суудуналары тутуу саҕаланыаҕа. 2030 сылга диэри Жатай суудунатын баазатыгар 50 суудунаны тутар былааннанар.
Үрдүк технологиялаах Жатай судоверфи тутуута «Развитие судостроения и техники для освоения шельфовых месторождений» судаарыстыбаннай бырагыраама иитинэн ыытыллар.
This post was published on 28.02.2024 11:01 11:01