Бу сыл атырдьах ыйын 1 күнүнээҕи туругунан 24313 үс эбэтэр онтон элбэх оҕолоох ыаллар сир учаастагын ылыыга сайаапка биэрбиттэр. Бу туһунан баайга-дуолга уонна сир сыһыаннаһыыларыгар министиирэ Нюргустана Пахомова социальнай ситимнэринэн быһа эфирын кэмигэр эттэ.
Барыта 10 014 учаастак бэриллибит. Учаастак тиийбэтин биричиинэтэ муниципальнай тэрээһиннэргэ бэлэм инфраструктуралаах сирдэр тиийбэттэрэ буолар. Маныаха 5 641,5 мөл үп ирдэнэр. Маны олохтоох бэйэни салайыныы уорганнара бэйэлэрэ үбүлүөхтээхтэр.
«Быйыл олохтоох салайыныы уорганнара 1469 сир учаастагын биэрэр былааннаахтар. Итинтэн 837 Бүлүү бөлөх улуустарыгар, 514 сир промышленнай оройуоннарга, 18 учаастак Чурапчы улууһугар. Маны сэргэ Маҕан, Намныыр, Бүлүүлүүр трактарга, Тулагы-Киллэмҥэ сирдэри бэлэмниир үлэ барар«, — диэн миниистир эттэ.
Билиҥҥитэ уочарат Усуйаана, Аллара Халыма, Үөһээ Халыма Дьааҥы, Өлүөхүмэ улуустарыгар суох. Ол оннугар саамай элбэх уочараттаахтарынан Уус-Алдан, Бүлүү, Сунтаар, Чурапчы, Нам, Мэҥэ-Хаҥалас, Амма улуустара буолаллар.
Сиһилии манна аах https://ysia.ru/v-yakutii-podano-bolee-24-tysyach-zayavok-na-predostavlenie-zemelnogo-uchastka/