Дьокуускай куорат уулуссаларын саҥардан оҥоруу хаһыс да сылыгар барда. Үгүс уулусса өрөмүөннэннэ. Урут, кырдьык, массыына стойкаларын алдьатар уулуссалар бааллар этэ. Олор аҕыйаан иһэллэрэ суоппардары үөрдэр. Быйыл уулуссалары оҥоруу үлэтин туһунан сиһилии edersaas.ru суруйдулар.
Быйыл уулуссаны оҥорууга Дьокуускай куорат бүддьүөтүттэн 632 мөл. солк көрүлүннэ. Маҥнайгы уочарытынан Окружной шоссе (Өктөөп 50 сыла автострада – Бүлүүлүүр суол учаастага) саҥардыллыаҕа. Кальвица (Дзержинскэй – Жорницкай учаастак), Чернышевскай уонна Хабаров (Кулаковскай – Чиряев учаастак), Ломоносов (Петровскай – Октябрьскай учаастак), Жорницкай (Семен Данилов – Окружной шоссе) уулуссаларга хапытаалынай өрөмүөн барыаҕа. Итини тэҥэ, Кальвица, Жорницкай уонна Пирогова уулуссалар быһа көтүүлэрэ саҥардыллыахтара. Чиряев (Дзержинскэй – Хабаров учаастак) уулуссаҕа уонна Медкииҥҥэ киирии суолга хапытаалынай өрөмүөн оҥоһуллуохтара. Барыта 7,2 км уһуннаах уулусса өрөмүөннэниллиэҕэ.
Итини тэҥэ, Автодорожнай уулуссаҕа, Халтурин, Билибин, Дежнев, Каландаришвили, Кузьмин, Стадухин аатынан уулуссаларга саҥардыы үлэтэ салгыы ыытыллыаҕа. Былырыын оҥоһуллубут уулуссалар тупсаран биэриэхтэрэ, лаампалары ыйыахтара.
This post was published on 23.01.2017 18:25 18:25