Арассыыйа бырабыыталыстыбата «Туризм уонна ыалдьыттааһын индустрията» национальнай бырайыак чэрчитинэн, оскуола оҕолоро босхо күүлэйдииллэригэр 1 млрд солкуобайы биэриэҕэ. Оскуола үөрэнээччилэрин сынньалаҥнарын тэрийиигэ регионнарга субсидияны аныыр туһунан бырабыыталыстыба мунньаҕар экономическай сайдыы миниистирэ Максим Решетников иһитиннэрдэ. Саха сиригэр бу дьаһал хайдах үлэлиэхтээҕин туһунан СИА тустаах биэдэмистибэттэн чуолкайдаата.
«Туристическай бырагырааманы кэҥэтиэхпит, оскуола оҕолоро төрөөбүт кыраайдарыгар эбэтэр ыаллыы регионнарга кылгас экскурсиялаах сырыылары оҥорон, историяларын, үгэстэрин, култуурунай уратыларын кытта билсиһиэхтэрэ. Оҕолор уонна кинилэр төрөппүттэрэ сылдьыан баҕарар хайысхаларын, миэстэлэрин бэйэлэрэ талыахтарын сөп. Быйыл ити дьаһалы олоххо киллэриигэ 1 млрд солк. ыытыахпыт. Бу бырагырааманан үбү төннөрүүгэ Арассыыйа 29 субъега кыттыаҕа, бу регионнарга оҕолор ороскуоттарын судаарыстыба төннөрүөҕэ», — диэн Арассыыйа премьер-миниистирэ Михаил Мишустин бэлиэтээтэ диэн, Арассыыйа экономическай сайдыытын судаарыстыбыннай саайтыгар суруйаллар.
Үөрэнээччилэр туристическай айаннарын эбии үбүлээһиҥҥэ харчыны 29 субъект ылыаҕа, ол аата дойду үрдүнэн 5-9 кылаас 200 тыһыынча үөрэнээччитэ бу көмөнөн туһанан төрөөбүт дойдутунан күүлэйдиэн сөп. 2022 сылы кытары тэҥнээтэххэ, бырагырааманы үбүлээһин 2023 сылга икки төгүл үрдээн, эбии 11 регионунан география кэҥиэҕэ. Арассыыйа экэниэмикэтин сайдыытын министиэристибэтэ регионнарга тиийиэхтээх харчыны ый устата тириэрдэрэ былааннанар.
Бырагыраама ирдэбилинэн бу көмөнөн 5-9 кылаас үөрэнээччилэрэ төрөөбүт кыраайдарынан айанныахтарын, кэрэ- бэлиэ сирдэринэн билсиэхтэрин сөп. Маныаха оҕолор айаннара кылгас буолуохтаах. Маршруттары, экскурсиялары уонна гостиницалары оҕолор уонна төрөппүттэр бэйэлэрэ талан баран, бырагыраамаҕа кытталларыгар сайаапка биэриэхтэрэ. Салгыы туох ирдэбил баар буоларын регион бэйэтэ олохтуур диэн дойду экономическай сайдыыга министиэристибэтин судаарыстыбыннай саайтыгар ыйылла сылдьар. Онон СИА олохтоох туризм министиэристибэтиттэн бу туһунан сураста.
«Биһиэхэ бу туһунан тустаах иһитиннэрии киирэ илик, баҕар Үөрэх уонна наука министиэристибэтигэр тустаах сонун кэлбитэ буолуо», — диэн Саха сиринээҕи атыы, эргиэн уонна туризм министиэристибэтин пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
«Биһиэхэ эмиэ бу туһунан этэ иликтэр,» — диэн Үөрэх уонна Наука министиэристибэтин пресс-сулууспатыгар чуолкайдаатылар.
Санатан эттэххэ, 2022 сылга бу бырагыраамаҕа федеральнайдааҕы бюджеттан 500 мөл. солк. көрүллүбүтэ, онно дойду 18 регионуттан 100 тыһ. үөрэнээччи сынньаммыта.
This post was published on 20.02.2023 15:03 15:03