Быйыл дьиэ сыаната өссө үрдүөҕэ диэн сабаҕалыыллар

Аналитиктар кэтээн көрүүлэринэн, быйыл дойду үрдүнэн дьиэ-уот сыаната үрдүүрэ күүтүллэр. Чуолаан, саҥа тутулла турар дьиэлэр сыаналара хас да төгүл улаатыаҕа.


Саҥа сокуон быһыытынан, өлүүлэһэн тутууга киирбит дьон харчытын тутааччылар тыытыллыбат эскроу-счекка угуохтара, онтон бэйэлэрэ баантан кирэдьиит ылан тутуохтара, ол бырыһыаннарын саба сатаан дьиэ сыанатын үрдэтэн иһиэхтэрэ. Маннык хардыы дьон харчытын өлүүлэһэн тутууга уган баран ытыс соттон хааларын аҕыйатар, кинилэр интэриэстэрин көмүскүүр сыалтан оҥоһуллубута.

Саҥа сокуоҥҥа сөп түбэспэтэх, улахан үбү-харчыны сатаан булбатах тутааччылар ырыынактан туораан биэрэргэ күһэллиэхтэрэ. Ол түмүгэр, саҥа тутуллубут дьиэлэр сыаналара ыараан иһиэ диэн сабаҕалыыллар.

«Саха сирэ», edersaas.ru

This post was published on 09.01.2020 10:56 10:56