Быйыл Дьааҥыга куобах аҕыйах

Саха сирин орнитолог-учуонайа Сергей Слепцов соторутааҕыта Дьааҥы улууһуттан кэлбитэ. Кини кэпсииринэн, быйыл кураан дьыл буолан, кус элбэх төрөөбүт.

Ордук Кыһыл кинигэҕэ киирбит мороду элбэх төрөөбүтүн туһунан олохтоохтор кэпсииллэр эбит. Ол курдук, кинилэр уоннуу сымыыттаах уйаларга түбэспиттэр.

— Хата, ол оннугар саһыл элбээн, куобаҕы үөскэппэт буолбут. Холобура, Адыаччыга. Ону тэҥэ кутуйах элбээн, мэкчиргэ элбээбит. Сир аһа (отон, сүгүн) үчүгэйдик үүнэн, тыатааҕы үүтээннэри үрэйэрэ аччаабыт. Ити мороду тоҕо элбээбитигэр тохтоотоххо, бу кус атырдьах ыйын ортотугар булт сезона аһыллыан иннинэ соҕуруу барар буолан, арааһа, элбиир быһыылаах. Уонна быйыл саас уу элбэх буолан, тыалаах сиргэ Дьааҥы диэки төрөөбүт буолуон сөп, — диир орнитолог-учуонай Сергей Слепцов.

Женни Стрюкова, Саха сирэ

This post was published on 11.10.2023 16:58 16:58