Саха сиригэр ойуур баһаара экосистиэмэҕэ дьайыытын АЛРОСА экологияҕа киинэ олохтоох учуонайдары кытта чинчийиитэ саҕаланна. Бу регион историятыгар туһааннаах эйгэни саамай киэҥ хабыылаах үөрэтии буолар.
Исписэлиистэр быйыл Саха сирин соҕуруу, арҕаа уонна хоту өттүлэригэр сырыттылар, элбэх матырыйаал хомулунна.
АЛРОСА иккис экобырайыагынан хампаанньа үлэлиир сирин таһынан ууну уонна уу харамайдарын үөрэтии буолар.
Научнай-чинчийэр үлэ салайааччыта, биология наукатын дуоктара, ирбэт тоҥу үөрэтэр институт дириэктэрин солбуйааччы Александр Исаев интервью биэрдэ.
Ааспыт полевой сезоҥҥа биһиги аҕыс оройуоҥҥа үлэлээтибит: Мииринэй, Сунтаар, Ньурба, Бүлүү, Горнай, Хаҥалас, Нам, Дьааҥы.
Кэлэр сылга өссө атын улуустары чинчийиэхпит, ол иһин билигин түмүгү этэр эрдэ.
Интервьюну сиһилии манна ааҕыҥ https://ysia.ru/v-etom-godu-startovali-dva-masshtabnyh-ekologicheskih-proekta-kompanii-alrosa/
This post was published on 19.10.2022 15:33 15:33