Быйыл ааспыт сылтан элбэх киһи илиитин-атаҕын үлүттэ

фото: Андрей Сорокин

2023 сыл саҕаланыаҕыттан олунньу 9 күнүгэр диэри 2 №- дээх өрөспүүбүлүкэтээҕи балыыһа ожоговай киинигэр 133 киһи, ол иһигэр 13 оҕо киирдэ. Ыарыһахтар үксүлэрэ  илиилэригэр-атахтарыгар ыарахан эчэйиилээх , ону тэҥэ контактаах тоҥоруулаах киирэллэр диэн, СИА-ҕа ожоговай киин салайааччыта Светлана Семенова иһитиннэрдэ.

«Былырыыҥҥыны кытта тэҥнээтэххэ, 100 киһинэн элбэх тоҥоруулаах уонна уокка эчэйиилээх дьон биһиэхэ кэллэ. Былырыын 49 тымныыттан эчэйиилээх киһи эбит буоллаҕына, быйыл сыыппара 65 тэҥнэстэ, ол иһигэр үс оҕо», — диэтэ Светлана Семенова.

Тымныыттан эмсэҕэлээбиттэр ортолоругар, киирбит дьон 80 %- на – эр дьон. Ол гынан баран, медиктэр дьахталлар быыстарыгар эттэрин-хааннарын үлүтэн киирээһин элбээбитин  бэлиэтииллэр.

«Урут биһиэхэ сылга 20-чэ дьахтар киирэр эбит буоллаҕына, билигин ити сыыппара үс төгүл улаатта», — диэн Семенова тоһоҕолоон бэлиэтээтэ.

This post was published on 10.02.2023 16:03 16:03