Быйыл 20 тыһыынча кэриҥэ Арктика оройуоннарын олохтоохторо чэпчэтиилээх авиабилиэттэринэн туһаммыттар. Бу сылга авиабилет субсидиятыгар көрүллүбүт суума 500 мөл. солк. тэҥнэстэ. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ олохтоохторун кытта «Быһа линия» хаамыытыгар регион баһылыга Айсен Николаев иһитиннэрдэ.
«Былырыын бүддьүөттэн барыта 57 мөл. солк. бэриллибитэ, чэпчэтиилээх билиэттэринэн 4,5 тыһыынча кэриҥэ киһи туһаммыта. Быйыл, мин бирикээһим кэннэ Арктика оройуоннарыгар билиэттэри субсидиялааһыҥҥа анаммыт суума 500 мөл. солк. тиийдэ. 20 тыһыынча кэриҥэ киһи бу билиэтинэн туһанна. Холобур, былырыын Чокурдааахха субсидиянан 57 киһи көтөр эбит буоллаҕына, быйыл— икки тыһыынча киһи көтөн кэллэ», — диэтэ Айсен Николаев.
Саха сирин баһылыга Арктика оройуоннарын олохтоохторугар авиабилиэттэри субсидиялааһын кэлиҥҥи да сылларга эмиэ салҕаныа диэн эбэн эттэ.
This post was published on 27.09.2022 12:03 12:03