Алданнааҕы айылҕа харыстабылын кэмитиэтигэр Улахан Кураанах өрүс киртийиитин туһунан иһитиннэрии киирбитэ. Онон сибээстээн, иниспиэктэрдэр бэрэбиэркэ ыыппыттара.
“СахаГолдМайнинг” САУо уу мунньар сиригэр уу таһыма үрдээбитин түмүгэр кирдээх уу Улахан Кураанахха түһэн, салгыы Селигдары киртиппит. Билигин тустаах кэмитиэт уу боруобатын ылан, экологическай чинчийиигэ ыытыаҕа.
СИА.
This post was published on 10.05.2018 16:18 16:18