Чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, аныгы литератураҕа аан дойдуну анаарыы, атыннык эттэххэ, романныы толкуй (романное мышление) сайдыыта ураты, сонун көрүҥнэннэ. Бу көстүү бэлиэтинэн аныгы уус-уран систиэмэлэргэ мифопоэтическай толкуй сайдыыта, миф матырыйаалыгар тирэҕирии, уус-уран тиэкискэ архетип туттуллуута буолар. Автор интерпретациятынан фольклор, миф матырыйаалын сайыннаран, саҥа уобарастары айыы саҥа эйгэни үөскэтэр.
Ол курдук саха литературатын ураты майгытын, суолун-ииһин, сыаннастарын (аксиологическай статуһун), ону тэҥэ сайдыытын таһымын бэлиэтиир жанрынан историческай роман буолар. Саха талааннаах романистара В.С. Яковлев-Далан, Н.М. Петров, И.М. Гоголев, Н. А. Лугинов, П.Н. Харитонов-Ойуку уо.д.а. бу жанрга үлэлээн, саха номохторун, сэһэннэрин мета-тиэкис быһыытынан ылынан, саха түөлбэ (локальнай) мифтэрин ураты хартыынатын айдылар-туттулар. Кинилэр айымньыларыгар туттуллубут саха чулуу төрүттэрин уобарастара, былыргы былдьаһыктаах кэмнэр омоонноро тиллэн, арыллан кэллилэр, саха прозатыгар дириҥ бөлөһүөктүү толкуй сайдыытыгар төһүү буоллулар.
Саргылаана Ноева (Карманова), филологическай наука кандидата, Гуманитарнай чинчийии уонна аҕыйах ахсааннаах хотугу омуктар проблемаларын үөрэтэр институт научнай үлэһитэ
Историческай роман – саха литературатыгар ураты суолталаах жанр. Саха фольклоругар, о.а. урукку кэм туһунан норуот өйдөбүлэ (н.э. коллективная память) уос номоҕо буолан хаалбытын тилиннэрэн уус-уран айымньы матырыйаалыгар хото туһаныы айымньыны дириҥ ис хоһооннуур. Биллэн турар, эрдэтээҥҥи романистарга барыларыгар этнографическай кэрчик, нарратив (сэһэргээһин) кыралаан баар этэ. Ол ордук сааһыламмыт, чаҕылхай холобурун Василий Яковлев-Далан романнарыгар көрөбүт. Ити үтүө үгэс билигин да салҕанар. Ол бэлиэтинэн Николай Борисов-Николай Уус «Быһылааннаах былыргыга» хас да чаастаах романа буолар. Литература коммеморативнай суолтата бу түгэҥҥэ олус чопчутук көстөн кэлэр. Ол аата уус-уран айымньы норуот былыргытын, уруккутун, историятын сөҥөрдөн илдьэ сылдьар матырыйаал. Ону суруйааччы олус итэҕэтиилээхтик, харыстабыллаахтык үөрэппит, туһаммыт уонна бэйэтин көрүүтүнэн быһаарбыт диэхпитин сөп.
Николай Федорович Борисов-Николай Уус «Быһылааннах былыргыга» романын маҥнайгы кинигэтэ 2007, онтон утуу-субуу иккис кинигэ 2010, үһүс кинигэ 2015 сыллаахха тахсан, дьон-сэргэ сэҥээриитин ылла.
Суруйааччы айымньытын поэтическай тиһигэр, уус-уран уобарастарыгар кини олоҕу көрүүтэ, аан дойдуну анаарыыта дьэҥкэрэр. Бэйэтэ юрист идэлээх суруйааччы Николай Уус айар суолун биир идеята – кырдьыгы, дьиҥ буолбуту ырааһынан этии буолар. Онон даҕаны кини айар үлэтин хайысхатыгар документальнай, историческай ис хоһоонноох айымньылары айар-тутар сүрүн соруктаннаҕа.
Чинчийээччилэр бэлиэтииллэринэн, саха литературатын сайдыытыгар ХХ үйэ 90-с сыллара улахан быһаарыылаах суолталаммыттара. Олох укулаата тосту уларыйан, дьон өйүн-санаатын уһугуннарар саҥа тыыннаах айымньылар наада буолбуттара. Маннык ураты быыһык ситуацияҕа саҥа саҕахтары арыйан, саха литературатын биир үктэл үрдүк таһымнаабыт историческай романнар айыллыбыттара. В.С. Яковлев-Далан, Н.М. Петров, И.М. Гоголев романнарыгар саха норуотун историятын былыргы кэмин сэгэтэн, кыргыс кэмин тиэмэ оҥостубуттара, литератураҕа стереотип буолбут туругу уларытан, саха романистиката салгыы сайдыытын тосхоллообуттара.
Николай Уус «Быһылааннаах былыргыга» романыгар Саха сирин историятыгар сүҥкэн суолталаах балаһа кэм, кыргыс үйэтигэр саха дьоно хоту, Дьааҥы сиригэр көһөн, олохторун оҥостон, саҥа сири-уоту баһылааһыннара ойууланар. Маныаха автор араас норуот олоҕун культурнай-этнографическай, религиознай өрүтүн, олох-дьаһах, чуолаан олорор усулуобуйа, айылҕа, ландшафт, итэҕэл майгыннаспат өрүттэрин, бэрт сатабыллаахтык сырдаппыта биһирэнэр.
Историческай ромаҥҥа (атын суруйааччылар айымньыларыгар да курдук) үгэс быһыытынан көстөр миф систематыгар хабааттыы, мифологическай өйү-санааны тилиннэрии бэлиэтэнэр. Миф матырыйаала, функцията ромаҥҥа быһаарыылаах суолталанар. Ол курдук роман ойуулуур кэмин – 17 үйэни, герой ураты мөссүөнүн, хаачыстыбатын автор саха, хотугу омуктар үһүйээннэрин, номохторун матырыйаалыттан халбарыйбакка ситэрэн-хоторон ойуулууругар, ону роман тиһигэр табыгастаахтык киллэриитигэр көрөбүт. Ромаҥҥа киирбит мифологическай матыып, сюжет, архетипическай герой саҥа кыаҕы, сонун өйдөбүлү ылаллар, саҥалыы таһымҥа тиллэллэр. Маныаха мифологическай систиэмэ уонна уус-уран тиһик ураннык алтыһыытын бэлиэтиибит.
Ол быһыытынан автор уобарас тиһигин, сюжет сайдыытын саха былыргы үһүйээннэрин матырыйаалынан эрэ буолбакка, хотугу дойдуну чинчийбит үөрэхтээхтэрин, нуучча хаһаактарын суруктарынан, чэлэбиитинэй грамоталарга сырдатынар, салайтарар. Онуоха норуот генетическэй өйүгэр хаалан хаалбыт, саха омук дьылҕата олук уурулларыгар дириҥ суолталаммыт сүдү уобарас – Тыгын Дархан быстах ахтыллан да аастар, Тыгын үйэтэ диэн өйдөбүлү үөскэтэн, бэлиэ көрүҥнэнэр.
Автор айымньытыгар киллэһик нарративнай матырыйаалы – эбээн, дьүкээгир, саха омук ырыатын-тойугун, алгыһы (оҕо төрөөһүнүгэр, урууга, ыһыахха, Ытык Сиэр малааһыныгар этиллэр алгыстар), оһуохай тылын – бэрт табыгастаахтык туһанар. Бу матырыйаал айымньы санаатын сайыннарар, дириҥэтэр, айымньы ис тыынын күүһүрдэр. Сюжеты, уобарас тиһигин тилиннэрэр, «эттээн-хааннаан» биэрэр.
Николай Уус уустаан-ураннаан сиһилээһининэн, эбээн, дьүкээгир биис уустарын, мэмээллэр, куҥкугуурдар, тухачаардар, онуондалар, дьангыырдар, уонна саха омук дьылҕалара биир кэлим тиһиккэ киирэллэр. Бу омуктар дьылҕалара тыыннаах хаалар суолу көрдөөһүн идеятыгар тиһиллэн, роман билиҥҥи глобализация үйэтигэр тоҕоостоох, сүрүннүүр тиэмэлэри, аҕыйах ахсааннаах омук эстиитин, сэрии-эйэ утарсыытын өссө чопчулуур соруктаах.
Онуоха ромаҥҥа хронотоп систиэмэтэ, атыннык эттэххэ кэм уонна эйгэ өйдөбүлэ, киэҥ суолталанар. Хронотоп категорията уус-уран айымньы уратытын, ис кыаҕын, айымньы форматын арыйарга кыах биэрэр.
Роман тиэкиһигэр сир проблемата киин өйдөбүллээх, уонна мантан сиэттэрэн тахсар сюжеттар – сири көрдөөһүн, сири-дойдуну ааттааһын, сири кэҥэтии, өртөөһүн, сиртэн сылтаан өс-саас, кыргыһыы, үтүрүйсүү, көҥөнсүү – быһаарыылаах суолталанар. Эйгэҕэ сыһыан киһи дьылҕатын кытта быстыспат ситимҥэ киирэр. Ол курдук сэрии, эйэ, олох, өлүү, үтүө санаа, өһүөн, өс-саас туһунан толкуйдар айымньыга бөлөһүөктүү хабааннаналлар.
Норуот психо-ментальнай уратытын бэлиэтиир, хотугу киһи майгытын, менталитетын уратытын көрдөрөр архетип суолталаммыт өйдөбүллэр – алаас, үрэх, дойду, сир-уот, түөлбэ – айымньыга геройдар туруктарын, статустарын быһаарар оруоллаахтар.
Уопсайынан, хотугу сир (север) диэн өйдөбүл, билиҥҥи литературоведение наукатыгар балачча сайдан эрэр геопоэтическай дискурс сүнньүнэн көрүлүннэҕинэ, олус интэриэһинэй түмүктэргэ салайыан сөп эбит. Ол аата олорор сир-уот уобараһа (географическай уобарас) литератураҕа киһи менталитетын арыйыыга ураты суолталанар. Олорор усулуобуйа, айылҕа, ландшафт, от-мас уларыйыыта болҕомтоҕо ылыллар. Хотугу сир тыйыс тымныы, хараҥа, мунуу, сүтүү, өлүү матыыптарын кытта ыкса ситимнэнэн өйдөнөр. Хотугу сири чинчийээччилэр үксүн өлүү дойдутун, аллара дойду курдук ылыналлар эбит. Онон бу хотугу тыйыс дойду ыырдарын баһылыыр хоодуот дьон Туоҕа Баатыр, Өрөк Чөрөк, хаһаактар өлүүнү кыайбыт уобарастарга холоонноохтор.
Бу геопоэтическай уобарас тиһигэ Николай Уус айымньытын ойуулааһынын киэҥ далааһынныыр, киһи уонна төрүт сир ситимнэһиитин чопчулуур. Сир уобараһа роман сүрүн геройдарын кытта тэбис-тэҥҥэ уларыйар, сырыы аайы саҥаттан саҥа моһуоннанан харах далыгар киирэр.
Аны интэриэһинэйэ баар, хоһуйуу, сиһилээһин саҥа киһи хараҕынан, эйгэни арыйааччы хараҕынан оҥоһуллар. Ол аата, хотугу омуктар олохторун олохтоох дьүкээгир, эбэҥки көрүүтүнэн буолбакка, бу тыйыс дойдуга саҥа үктэммит киһи (омук, саха) көрүүтүгэр сөп түбэһиннэрэн суруйар. Онон хотугу сир концепт быһыытынан бэрт сонуннук дьэҥкэрэн кэлэр. Бу тымныы дойду эйгэтин арыйар уобарастар (айанньыт герой – киэҥник биллэр мифическэй уобарас) норуот бэйэтин норуот быһыытынан билиниитигэр улахан суолталаахтар. Бу бастакы суолу тэлээччи, первопроходец уобарастар саха үһүйээннэригэр киэҥник туттуллаллар – холобура, Эллэй, Тыгын Дархан, Туоҕа Баатыр, Ньырбачаан, Кээрэкээн, «Быһылааннах былыргыга» ромаҥҥа ойууланар Бадай Сэлбик Тойон, Өрөк Чөрөк, Элэгэй Баатыр, Дьээлтимэ Ойуун ити нуучча хаһаактара да буоллун, эмиэ айан уобараһын тута сылдьар символическай уобарастар. Кинилэр айан моһолун туоруулара бэйэлэрин ис сайдыыларын, тиллиилэрин, эволюцияларын кытта ситимнээх.
Айанньыт саҥа сири баһылааһына араас култуураҕа уруккуттан баар, литератураҕа бэрт үгүстүк көстөр матыып буолар. Ол курдук тас эйгэни (внешний мир) баһылааһын уонна ис эйгэни (внутреннее Я) сайыннарыы – Николай Уус геройдарын – Сэлбик Тойон, Өрөк Чөрөк, Элэгэй Баатыр, Дьээлтимэ Ойуун сүрүн позициялара. Айымньыга эйгэни бэрт дэбигис киэҥ ыырдары тэлэр герой Өрөк Чөрөк биир сүрүн миэстэҕэ турар. Кини ыраах Дьааҥы сиригэр тиийэн, суол тобулуута, саха быыһанар суолун булуута кэрэхсэнэр. Онуоха чинчийээччи Топоров В.Н., «… достижение цели субъектом пути всегда влечет за собой повышение ранга в социально-мифологическом или сакральном статусе»[1] диэн этиитин кытта сөбүлэһэр оруннаах.
Саҥа сиргэ-уокка кэлэн олохсуйуу, саҥалыы толкуйу, олоххо ирдэбили туруорар – роман идеята манна сытар: өлөрөр-өһөрөр адьынаттан босхолонон или-эйэни тутуу. Ромаҥҥа кыргыс үйэтин сиэртибэтэ буолан суорума суолламмыт биирдиилээн киһи уонна имири эстибит бүтүн норуот дьылҕата биир ситимҥэ баайыллар. Ол да иһин айымньы түмүгэр Өрөк Чөрөк кыргыһыы хонуутугар охтубут доҕорун Таас Ытыһы кэриэстээн сэргэ туруорар, өһү ситиһэр кырыыс тылы-өһү буолбакка, алгыс тылын этэр.
Эйгэни кэҥэтии тас пространствоҕа, сиргэ-уокка эрэ сыһыаннаан буолбакка, өй-санаа кэҥээһинин, тыыннаах хаалар туһугар киһи толкуйа сайдыытын, кэскиллэниитин курдук өйдөнөрө наада. Ол да иһин диалог категорията айымньыга ылар миэстэтэ оруннаах – саха киһитин уустук толкуйун, мындырын кэрэһэлиир соруктаах. Ромаҥҥа бэрт элбэхтик көстөр геройдар икки ардыларынааҕы араас сүбэ, мунньах, сэһэргэһии, быһарсыы, мөккүһүү, толкуй, анаарыы күлүүс суолталанар, сүрүн болҕомтону ылар.
Диалогизм идеятын илдьэ сылдьар герой, Дьааҥы сиригэр олохсуйарга быһаарыммыт Бадай Сэлбик Тойон – өс-саас олохсуйарын утарсар, атын омуктары, аҕа уустарын кытта тапсан, өйөһөн олорор кэскиллээх өйгө-санааҕа кэлбит, киэҥ эйгэлээх герой.
Эйгэни толоруу, баһылааһын киһи бу эйгэҕэ сыһыаныттан тутулуктаах. Ол да иһин ромаҥҥа урууну, ыһыаҕы, араас бырааһынньыгы, малааһыны тэрийиини, оҕо төрөөһүнүн, ыал буолууну, ынах, сылгы иитиитин, булду, сэрии дьонун айанын сиһилиир, айылҕаны хоһуйар хартыына олус элбэх, уустаан-ураннаан үрдүк маастарыстыбалаахтык суруллубут.
Кыргыс кэмин хоһуйарга айымньы тэтимэ (темпоритм) икки ромаҥҥа иккиэннэригэр ураты. Ол курдук роман маҥнайгы кинигэтигэр сюжет, быһылаан буолар риитимэ аргыый аҕай устар, статичнай көрүҥнээх. Бу ромаҥҥа хоһуйуллар быһылааннар ис иһиттэн күүркэйиилэрин, тыҥааһыны көрдөрүөн сөп. Онуоха холоотоххо иккис кинигэҕэ риитим түргэн, суһал. Айан түргэн, быһылаан буолуута соһуччу.
Айымньыга тэҥинэн хоһуллар хас да омук олоҕун сиһилээһин араас – саха бииһин-ууһун олоҕун ойуулааһын аргыый аҕай сиһилэнэр. Маныаха герой ис эйгэтин арыйар диалогу, монологу туттуу айымньы тэтимин бытаардар, оттон хотугу омуктар олохторун ойуулааһын түргэн, тэтимнээх. Өскөтүн автор саха олоҕун ис эйгэттэн ыйдаҥардан көрдөрөр буоллаҕына, дьүкээгир, эбээн олоҕун тас көрүҥүн (таҥастарын-саптарын, быһыыны-майгыны, бултарын, айаннарын, бырааһынньыктарын, үҥкүүлэрин, астарын-таҥастарын) уустаан-ураннаан ойуулааһыҥҥа хабааттар.
Итинник бэккэ табыллыбыт өрүттэри бэлиэтээн туран, мин көрүүбэр роман ааҕыллыытыгар өйдөммөккө хаалбыт түгэннэргэ тохтуум. Ромаҥҥа таптал тематын арыйар аналлаах, лирическэй сүүрээни киллэрэр сюжет элбэх, ол Малиида кыыс уонна Мэлгэ уол, Чөөмөх уонна Кылыс, Даҕынча кыыс уонна Эрис хоһуун, Күннэчээн уонна Хотуук Хоһуун, Уһун Турантай боотур уонна Сэмнэх, Нэмиир уол уонна Хоро Чуолбан кыыс икки ардыларынааҕы сыһыаны арыйар киллэһиктэр. Ол эрээри кыргыс үйэтин быһылааннаах кэмигэр киһи уйан нарын дууһатын кэрэһэлиир бу сюжеттар атын мүччүргэннээх быһыыга-майгыга аралдьыйан, ситэри-хотору арыллыбакка хаалаллар. Эмиэ бэрт интэриэһинэй авантюрнай сюжет сайдыан сөптөөх түгэннэрэ – Үҥкээбил хоһуун Күннэчээн кыыһы уоран-талаан барыыта, Чөөмөх кыыһы кистээн таптыыр Чорду уол кыыһы күрэтэн илдьэ барыан баҕарар толкуйа, Күттэй Түһэх оҕонньор сюжета ситэ сайдыбаттар.
Н.Ф. Борисов-Николай Уус роман кыаҕын туһанан саҥа тиэмэни сырдатыыта кэскиллээх, саха омук олоҕун, дьылҕатын туһунан дириҥ бөлөһүөктүү толкуйга аҕалар сүрүннээх.
Билиҥҥи кэмнээх саха историческай романа былыргы кэми тема оҥостон, билиҥҥи, кэлэр кэмҥэ норуот дьылҕатын, киһи аналын туһунан мындыр толкуйдарга салайар. Поэтиката күүстээх, саха, хотугу төрүт олохтоох омук киһитин менталитетын арыйар дьиктилээх, сонун тиэмэлээх Николай Уус «Быһылааннаах былыргыга» романа ааҕааччыны да, чинчийээччини да умсугутуохтарын умсугутар, саҥаттан саҥа ырытыыны, көрүүнү үөскэтэр кыахтаах роман суруллубута билиҥҥи саха литературатыгар бэлиэ түгэн буолар
Туһаныллыбыт литература:
1. Топоров В.Н. Пространство и текст // Текст: семантика и структура. – М.: Наука, 1983. – С. 258.
This post was published on 16.10.2020 11:01 11:01