Быһах — саамай кутталлаах тэрил

Ыар буруйу оҥорууга, ордук чуолаан, арыгы испит кэмҥэ, саамай туттуллар тэрилинэн, хомойуох иһин, быһах буолар. Киһини ыараханнык эчэтии, өлөрүү, үксүгэр, куукунаҕа туттуллар быһаҕынан оҥоһуллар. Оннук быһылаан мэлдьи тахсар.


Бу ааспыт сууккаҕа икки оннук түбэлтэ таҕыста — Дьокуускай куоракка уонна Өлөөн улууһугар.

Киин куорат полициятын 2-с №-дээх отделыгар эдэр дьахтар эрийэн, кинини өлөрөөрү гыналларын тыллаабыт. Полицейскайдар ыйыллыбыт аадырыска тиийэн, уорбаланааччыны туппуттар — Ньурбаттан төрүттээх, урут сууттана сылдьыбыт 31 саастаах киһи эбит.

Онно биллибитинэн, уорбаланааччы ити күн атастарын кытта арыгылаабыт уонна ол кэнниттэн дьиэтигэр буолбакка, урукку дьүөгэ дьахтарыгар барбыт. Күүтүллүбэтэх ыалдьыт кэлбитин дьахтар, биллэн турар, сөбүлээбэтэх. Онтон сылтаан кыыһырсыбыттар. Онуоха эр киһи дуома куукуна остуолугар сытар быһаҕы ылан, өлөрөөрү сааммыт. Хаһаайка чахчы куттанан, мүлчү туттаран, суһаллык полицияны ыҥырбыт.

Бу чахчынан РФ Холуобунай кодексатын 119-с ыст. 1 чааһынан, ол эбэтэр, өлөрөрүнэн суоһурҕаныы бэлиэтэ баарынан, холуобунай дьыала тэриллибит.

Онтон Өлөөн полициятыгар тыллабыр «суһал көмө» медиктэриттэн киирбит. Балыыһаҕа искэ быһаҕынан анньыллыбыт киһини илдьэн эрэллэрин туһунан.

Быһылаан буолбут сиригэр тиийбит оперативниктар быһаарбыттарынан, кэргэнниилэр дьиэлэригэр арыгылаабыттар. Онтон хайа эрэ түгэҥҥэ кыыһырсан бурҕаллан турбуттар, дьахтар эрин дьиэтиттэн үүрбүт. Эр киһи аттынааҕы ыалга тахсан, уоскуйа түһэн баран, ойоҕунаан эйэлэһэ диэн дьиэтигэр төттөрү кэлбит. Онуоха баара, дьахтар уоскуйуохтааҕар, өссө эбии умайыктанан турбут. Ол уоҕар, эрин искэ быһаҕынан анньыбыт. Бу чахчынан билигин процессуальнай бэрэбиэркэ барар.

Бу туһунан СӨ ИДьМ-тын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.

This post was published on 17.01.2018 18:25 18:25