«Быһа сибээс»: Сахамин Афанасьев айылҕаны харыстыырга ыҥырар

«Саха сирэ» хаһыат эрэдээксийэтэ айылҕа харыстабылын тиэмэтигэр төлөпүөнүнэн «Быһа сибээс» ыытта. Тустаах салайааччылар ааҕааччылар ыйытыыларыгар хоруйдаатылар.


СӨ Айылҕа харыстабылын миниистирэ Сахамин Афанасьев, булт-алт ресурсатын харыстааһыҥҥа, бэрээдэктээһиҥҥэ управление салайааччытын солбуйааччы Дмитрий Лугинов, «Экологическай бэрэбиэркэни оҥорор өрөспүүбүлүкэтээҕи иһитиннэрэр-ырытар киин» дириэктэрин солбуйааччы Акулина Олесова, хонтуруоллуур-ырытар уонна уу сыһыаннаһыыларыгар управление салайааччытын солбуйааччы Зинаида Егорова, ураты харыстанар сирдэргэ уонна айылҕаны туһаныыга управление салайааччытын солбуйааччы Алексей Чемезов кыттыыны ыллылар.

Ааҕааччылар көхтөөхтүк кыттан, Саха сиригэр экология боппуруостарыттан саҕалаан Новосибирскай арыылар федеральнай статустаах буолуохтаахтарыгар тиийэ ыйыталастылар.

Мэҥэ-Хаҥалас улууһуттан Анна Федорова 2017 сыл Россияҕа Экология сылынан биллэриллибитинэн эһиил өрөспүүбүлүкэҕэ туох тэрээһиннэр буолалларын туһунан ыйыппытыгар, Сахамин Афанасьев: «Эһиил Экология сылын тэрийиигэ СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин 1-кы солбуйааччы Петр Алексеев салайааччылаах өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйа тэрилиннэ. Бу хамыыһыйаҕа ситэриилээх былаас уорганнарын салайааччылара, уопсастыбаннас, наука исписэлиистэрэ киирэн, туох үлэни ыытыахтаахпытыгар кэпсэтии барар. Сүрүн былаан чопчуланна. Экология сылынан айылҕаны, олорор сирбитин-уоппутун харыстааһыҥҥа уопсастыбаннаска улахан хамсааһын тахсыахтаах. Сүрүн сыал-сорук – бу.

Өрөспүүбүлүкэбит күөх сиринэн-уотунан биллэр-көстөр. Аан дойду үрдүнэн анал рейтини оҥорооччулар этэллэринэн, Уһук Илин диэки кэлэн истэххэ, Саха сирэ инфограммаҕа күп-күөҕүнэн ойууланар. Аан дойду үрдүнэн биосфера өйдөбүлүгэр промышленнай регионнарга инфограмма кып-кытархай буолар. Ол эбэтэр айылҕаны буортулуур куһаҕан эттиктэри быраҕаллара, таһаараллара элбэх. Аны туран, ойуурдара быдан аҕыйах.

Саха сирин территориятын үс гыммыт биирэ ураты харыстанар сир-уот буолан, быдан чөл туруктаах. Маны биһиги, төһө кыалларынан, харыстаан, кэлэр көлүөнэҕэ хаалларыахтаахпыт. Экология сылынан биир сүрүн тэрээһиммитинэн эһиил экологтар II съезтэрин ыытыахпыт. Бастакы тэрээһин 1995 сыллаахха буолбут эбит», – диэн эппиэттээтэ.

Кэпсэтии туһунан «Саха сирэ» хаһыат чэппиэрдээҕи халыҥ нүөмэригэр айылҕа харыстабылын министиэристибэтин «Күөх дуол» анал таһаарыытыгар сиһилии билсиэххит.

This post was published on 19.10.2016 10:22 10:22