Ааспыт өрөбүллэргэ Үөһээ Бүлүүгэ буойун-спортсмен Василий Степанов-Буучугурас сырдык кэриэһигэр хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир ыытылынна, суруйда Саха сирэ саайт.
Күрэххэ Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Ньурба, Амма, Горнай, Эдьигээн, Кэбээйи, Муома, Нам, Орто Халыма, Сунтаар, Таатта, Хаҥалас, Чурапчы улуустарыттан, Мииринэй куораттан уонна Тыва республикатыттан барыта 170 спортсмен илин-кэлин түһүстэ.
Икки күннээх тыҥааһыннаах киирсиилэр түмүктэригэр кыайыылаахтар ааттара ааттанна:
УОЛАТТАРГА:
45 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Лебедкин Владислав, Кэбээйи улууһа;
2 м — Семенов Егор, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Васильев Эрхаан, Үөһээ Бүлүү улууһа.
50 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Семенов Олег, Кэбээйи улууһа;
2 м — Антонов Антолий, Кэбээйи улууһа;
3м — Жучкин Эльдар, Бүлүү улууһа.
55 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Новгородов Георгий, Үөһээ Бүлүү улууһа;
2 м — Иванов Иннокентий, Ньурба улууһа;
3 м — Аталларов Игорь, Үөһээ Бүлүү улууһа.
62 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Кононов Олег, Кэбээйи улууһа;
2 м — Федоров Кэскил, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Николаев Ньургун, Бүлүү улууһа.
70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Прокопьев Ратмир, Бүлүү улууһа;
2 м — Андреев Алгыстан, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м Сымытов Петр, Ньурба улууһа.
70 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа:
1 м — Чириков Эрчим, Үөһээ Бүлүү улууһа;
2 м — Григорьев Версан, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Сергин Максен, Бүлүү улууһа.
ЭР ДЬОҤҤО:
57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Николаев Пантелеймон, Үөһээ Бүлүү улууһа;
2 м — Яковлев Леонид, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Егоров Александр, Үөһээ Бүлүү улууһа.
65 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа:
1 м — Осипов Мичил, Бүлүү улууһа;
2 м — Саввинов Сандал, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Терентьев Ньургун, Үөһээ Бүлүү улууһа.
75 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Брощев Ньургустаан, Бүлүү улууһа;
2 м — Илларионов Гаврил, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Семенов Иван, Кэбээйи улууһа.
85 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Павлов Петр, Мирнэй куората;
2 м — Петров Аян, Ньурба улууһа;
3 м — Ефимов Константин, Таатта улууһа.
95 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Халыев Александр, Таатта улууһа;
2 м — Николаев Сергей, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Николаев Павел, Кэбээйи улууһа.
95 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа:
1 м — Софронов Никита, Чурапча улууһа;
2 м — Баппаҕай Харысхан, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Максимов Эдуард, Нам улууһа.
БЭТЭРЭЭННЭРГЭ:
60 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Родионов Степан, Үөһээ Бүлүү улууһа;
2 м — Соловьев Петр, Кэбээйи улууһа;
3 м — Осипов Василий, Бүлүү улууһа.
70 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Максимов Василий, Амма улууһа;
2 м — Иванов Николай, Таатта улууһа;
3 м — Осипов Петр, Ньурба улууһа.
80 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Андреев Андрей, Үөһээ Бүлүү улууһа;
2 м — Белоногов Дмитрий, Орто Халыма улууһа;
3 м — Григорьев Иван, Үөһээ Бүлүү улууһа.
90 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа:
1 м — Данилов Федор, Үөһээ Бүлүү улууһа;
2 м — Саввинов Платон, Үөһээ Бүлүү улууһа;
3 м — Константинов Юрий, Мирнэй куората.
90 киилэттэн үөһээ ыйааһыҥҥа:
1 м — Тимофеев Увар, Үөһээ Бүлүү улууһа;
2 м — Гаврильев Степан, Хаҥалас улууһа;
3 м — Иннокентьев Рустан, Ньурба улууһа.
УОЛАТТАРГА МУҤУТУУР КЫАЙЫЫЛААХ:
Бүлүү улууһуттан Прокопьев Ратмир;
75 КИИЛЭҔЭ ДИЭРИ ЫЙААҺЫННААХ ЭР ДЬОҤҤО МУҤУТУУР КЫАЙЫЫЛААХ:
Кэбээйи улууһуттан Семенов Иван;
75 КИИЛЭТТЭН ҮӨҺЭЭ ЫЙААҺЫННААХ ЭР ДЬОҤҤО МУҤУТУУР КЫАЙЫЫЛААХ:
Бүлүү улууһуттан Николаев Николай;
БЭТЭРЭЭННЭРГЭ МУҤУТУУР КЫАЙЫЫЛААХ:
Үөһээ Бүлүү улууһуттан Увар Тимофеев.
—Буойун хапсаҕайдьыт В.И. Степанов «БУУЧУГУРАС» аатынан «А» категориялаах өрөспүүбүлүкэтээҕи хапсаҕай күрэҕин кыайыылаахтарын итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Күрэҕи үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыт Үөһээ Бүлүүтээҕи спорт управлениетын салайааччытыгар Егор Алексеевич Николаевка уонна коллективка, маны сэргэ күрэх спонсордарыгар: улууспут сис тэрилтэлэрин салайааччыларыгар, нэһилиэк баһылыктарыгар, Мэйик нэһилиэгин олохтоохторугар, Василий Иннокентьевич Степанов Буучугурас сиэнигэр Николаев Юрий Алексеевичка, «Көмүлүөк» хампаанньа директорыгар, «Хотун Бүлүү» Үөһээ Бүлүү улууһун түмсүүтүн бэрэссэдээтэлигэр Ольга Григорьевна Григорьеваҕа ис сүрэхпититтэн махтанабыт! — диэн Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев иһитиннэрдэ.
This post was published on 02.03.2026 15:06 15:06