Саха сиринээҕи борокуратуура дааннайынан, саамай элбэх буруй оҥорууга эбиллии Бүлүү оройуонугар — 29,8%, Хаҥаласка — 25,2%, Уус Алдаҥҥа — 18,6% уонна Горнайга — 17,9%. Көрдөрүү Нерюнгрига улаатта — 12,9% уонна Дьокуускайга — 14,6%. Уруккутун курдук, киин куоракка саамай элбэх буруй оҥоһуллар — 7756 (55,8%).
Өлөөҥҥө буруйу оҥоруу кыччаата 57,5%, Эдьигээҥҥэ — 35,6%, Өймөкөөҥҥө — 27,4%, Өлүөхүмэҕэ — 18,3%, Алдаҥҥа — 14,2%.
Сылга 78 сорунан өлөрүү, 56 киһи доруобуйатыгар ыарахан эчэйиини оҥорон өлүүгэ тириэрдии бэлиэтэннэ.
Буруйу оҥорууга аҥарын кэриэтэ бас билиигэ суудайыы – 6481 (47,7%).
2757 уоруу, 105 иҥэринии уонна үбү сиэһин, 15 саба түһүү, 155 халааһын, 160 илдьэ барыы, 56 күһэйии, 2996 массыанньыктааһын.
Сиһилии https://ysia.ru/prestupnost-v-yakutii-za-god-vyrosla-na-7-8/
This post was published on 14.01.2025 15:11 15:11