Дьокуускайга «Незабудка» оҕо уһуйааныгар «Буратино» диэн кырачааннар олус сөбүлүүр устуудьуйалара баар. Ону педагог-психолог Айталина Захарова салайар.
Айталина Захарова иһитиннэрбититнэн, доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору дьарыктыырга анаан быйыл кулун тутарга инклюзивнай театральнай устуудьуйаны тэрийбиттэр. Ол гынан баран, манна доруобуйаларынан хааччахтаах уонна доруобай оҕолор бука бары бииргэ сылдьаллар, дьарыктаналлар. «Оҕолор бары саастыы уонна төрөппүттэрин кытта бииргэ бэлэмнэнэр буоланнар сүрдээҕин аһыллаллар. Элбэх киһи иннигэр үөрэ-көтө тахсан кыбыстыбакка, симиттибэккэ улаханнык саҥара-иҥэрэ, долгуйбакка холкутук тутта-хапта сылдьарга үөрэнэллэр. Онуоха уһуйаан кэлэктиибэ уонна төрөппүттэр кыһамньылара, болҕомтолоро улахан тирэх буолар», — диир кини.
Кинилэр Дьокуускайга «Харысхал» барҕарыы пуондата доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолорго тэрийбит «У каждого человека свои звезды» диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи II-с фестиваль-куонкуруһугар «Как звери лису проучили» остуоруйаларынан кыттыбыттар. Итиэннэ үһүс степеннээх лауреат аатын ыланнар үөрүүлэрэ муҥура суох. Айталина Михайловналаах оҕолор барахсаттары үөрдэр туһуттан, төрөппүттэри кытта күһүҥҥүттэн тугу үлэлиирин былаанныыр.
This post was published on 01.08.2016 09:01 09:01