3 Ыам ыйа 03.05
  • $ 92,05
  • 98,64

Буойун мэтириэтэ – дьиэ кэргэн историята!

09:58, 10 мая 2018
Текст:
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Улуу Кыайыы күнэ. Киһи аймах өрөгөйүн үрдэппит, олоҕу туругурдубут Кыайыы күнэ! Бу күн биһиги бука бары бу эйэлээх халлаан анныгар кыайыыны уһансыбыт, сэрии толоонугар дьоруойдуу охтубут, сураҕа суох сүппүт  аҕаларбытын-эһээлэрбитин, убайдарбытын-таайдарбытын кэриэстээн, кинилэргэ махталбыт, сүгүрүйүүбүт бэлиэтэ — мэтириэттэрин киэн тутта күөрэччи көтөҕөн, холуонналарынан хааман иһэбит. 


Дьокуускайга, “Өлбөт үйэлээх полк” акцияҕа хас эмэ уонунан тыһыынча киһи, куорат олохтооҕо, ыалдьыта, 2 биэрэстэ кэриҥэ сиринэн тайаан, кытынна.

Кыайыы болуоссатынан хааман иһэн эмискэччи, хаартыскаҕа билэр араспаанньабын көрөммүн, тохтуу биэрэбин.

Бу мин үйэм тухары бииргэ үлэлээбит киһим – Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээнэ, бойобуой «Албан аат»  III истиэпэнэ уордьан кавалера, “За отвагу” гвардейскай бэлиэлээх Илья Никитич Потапов мэтириэтэ. Мин  сааһым 85-м, Сунтаар Сиэйэтигэр 48 сыл устата медсиэстэрэнэн үлэлээбитим. Билигин сиэннэрбин, хос-хос сиэннэрбин көрөн, Алма-Ата куоракка олорбутум уонтан тахса сыл буолла. Бу, “Өлбөт үйэлээх полк” хаамыыта олус улахан суолталаах тэрээһин эбит, кыттааччыта элбэҕиттэн сөхтүм, долгуйдум, — диэтэ ыраах Казахстантан кэлэ сылдьар биир дойдулаахпыт, үлэ, тыыл бэтэрээнэ Наталья Васильевна Корнилова.

Зоя Ильинична Потапова, култуура туйгуна, үлэ бэтэрээнэ:

Мин аҕабын фотосуруналыыс Петр Ушницкай Мииринэй куоракка сылдьан хаартыскаҕа түһэрбитэ уонна “Кыайыылаах” диэн ааттаабыта, итиэннэ 1998 сыллаахха  Москваҕа “Алмаастаах кыраай олохтоохторо”  быыстапкаҕа кыттан, лауреат буолбута.  Аҕам Илья Никитич Потапов Сунтаар улууһун Сиэйэ нэһилиэгин олохтооҕо этэ, уоттаах сэрии, үлэ бэтэрээнэ.  II Украинскай уонна Белорусскай фроннарга хорсуннук сэриилэспитэ. Бааһырбыта. Сэрии инбэлиитэ. Олохтон барбыта 25 сыл буолла, кини 6 оҕолоох, 30-ча сиэннээх, хос сиэннэрдээх. “Өлбөт үйэлээх полк” акцияҕа, дьиэ кэргэн үгэһинэн,  сыл аайы кыттабыт.  Уонна аҕам чаһыытын, сыл аайы ыам ыйын 9 күнүгэр – Улуу Кыайыы күнүгэр собуоттаан, бу кэтэ сылдьабын.

Дьэ, ити курдук, “Өлбөт үйэлээх полк” акцияҕа күөрэччи көтөҕүллэр хас биирдии буойун хаартыската – бу хас биирдии дьиэ кэргэн, хас биирдии халыҥ аймах, бүтүн дойду дириҥ историята.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА