Саха сиригэр «Воин (Буойун)» патриотизм киинигэр сылын аайы 600 киһи үөрэниини ааһыаҕа. Кинилэр алын байыаннай үөрэҕи, байыаннай-техническай бэлэмнэниини ылыахтара, ол туһунан «Прямая линия» биэриигэ Айсен Николаев эттэ.
«Дойду үрдүнэн бу күҥҥэ патриотическай иитиигэ 10 киин арылынна, ол иһигэр Саха сиригэр. «Воин» киин — манна биһиги оҕолорбут, ыччаппыт алын байыаннай үөрэҕи ылыахтара, патриотизм тыыныгар уһуйуллуохтара, идэлэргэ саҥа үөрэҕи билиэхтэрэ, ол иһигэр байыаннай-техническай хайысхаҕа. Биһиги тулабытыгар барыта үчүгэй диэн этэр эмиэ сатаммат. Биһиги дойдубут туһугар туруулаһар кэмҥэ киирдибит. Элбэх дискуссия барар, ити эрээри кэм көрдөрөрүнэн, биһиги ыччаты кытта үлэлиэхтээхпит сыаллаахтык-соруктаахтык, иитиигэ, ол иһигэр патриотизм тыыныгар», — диэтэ өрөспүүбүлүкэ баһылыга.
Эбийиэктэр арыллыылара «Молодёжь России» национальнай бырайыак чэрчитинэн ыытыллар.
This post was published on 27.04.2024 11:31 11:31