Буойаһынан Тындаҕа, Владивостокка тиийиэххэ сөп буолуо

Чульман аэропорда өрөмүөҥҥэ сабылларынан “Саха сирин тимир суоллара” бэс ыйыгар Тындаҕа, атырдьах ыйыгар Владивостокка сырыылары арыйар былааннаах.   


Аллараа Бэстээхтэн Владивостокка диэри 2,5 суукканан айаннаан тиийиэхтэрэ. Купеҕа айан быһа холоон 7 тыһ солкуобай, плацкартка — 4,5 тыһ саҕалаан сыаналаах буолуо.

Билигин буойастар быһа (көһүүтэ суох) Иркутскайга, Благовещенскайга, Хабаровскайга сылдьаллар.

This post was published on 20.04.2021 11:06 11:06