Быйыл Булуҥ улууһун Таймылыырыгар бастакы бэкээринэ үлэтин саҕалыаҕа. Оборудованиетын «Якутоптторг» тэрилтэ туруоруоҕа.
Таймылыырга бэкээринэ тутар туһунан сорудаҕы премьер Андрей Тарасенко, бырабыыталыстыба отчуотун кэнниттэн, биэрдэ. «Таймылыыр олохтоохторо элбэх ыйытыы биэрдилэр. Онтон биирдэрэ бородуукта тиксиитэ, ол иһигэр бурдук хаачыстыбата. Бурдугу «Якутоптторг» тириэрдэр, тэрилтэ олохтоохтортон бурдук көрүҥүн, мааркатын этэн сайаапкаласпыттарынан аҕаларга бэлэмин эттэ. Быйыл Ил Дархан Айсен Николаев сорудаҕынан Булуҥҥа атыы-логистическай киин арыллыаҕа, оччоҕуна социальнай суолталаах ас ассортимена кэҥиэҕэ. Маны сэргэ бөһүөлэккэ бэкээринэ тутуутун ыытар туһунан кэпсэтии баар, оччоҕуна олохтоохтор бэйэ оҥоһуга килиэби сиэхтэрэ», – диэтэ Андрей Тарасенко.
«Якутоптторг» оһоҕу уонна да атын оборудованиены бэкээринэҕэ анаан саас тириэрдиэҕэ, суруйар регион салалтатын пресс-сулууспата.
This post was published on 09.02.2023 17:27 17:27