Булуҥ улууһугар сир хамсааһына буолла

Хаартыска: ЯСИА саайта

Булуҥ оройуонугар ыам ыйын 15 күнүгэр сир хамсааһына буолла.

ЯСИА-ҕа РНА Геофизическай сулууспатын Саха сиринээҕи филиала иһитиннэрбитинэн, сир хамсааһына ыам ыйын 15 күнүгэр 4 чаас 50 мүнүүтэҕэ буолла.

Охсуу киинэ Өлөөн боротуокатыгар Өлүөнэ эбэ дельтатыгар баара бэлиэтэннэ. Магнитуда 4,5 баал, ол эбэтэр мөлтөх. Элбэх киһи билиэн сөп, ити эрээри олоххо-дьаһахха алдьатыыны оҥорбот.

This post was published on 15.05.2024 11:33 11:33