22 Сэтинньи 22.11
  • -33°
  • $ 100,68
  • 106,08

Булуҥ улууһугар Сэмэн Тумат ыалдьыттаата

16:51, 16 сентября
Хаартыска: Маяк Арктики
Читайте нас на
Яндекс Новости
ЯДВ

Бу күннэргэ Булуҥ улууһугар Саха Сирин норуодунай суруйааччыта, өрөспүүбүлүкэ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, литература кириитигэ, тылбаасчыт, бэйиэт, публицист, Былатыан Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай, Амма Аччыгыйын аатынан Ил Дархан, Семен Новгородов аатынан Саха өрөспүүбүлүкэтин бириэмийэлэрин лауреаттара Семен Попов-Сэмэн Тумат кэлэн ыалдьыттата. Семен Андреевич төрөөбүт өтөҕөр Туматыгар сырытта, күүс-уох ылла.

Тиксии бүһүөлэгин улуустааҕы киин бибилэтиэкэ ааҕар саалатыгар суруйааччыны кытта көрсүһүү тэрээһинэ буолан ааста. Сэмэн Туман мустааччыларга бэйэтин олоҕун туһунан кэпсээтэ, “Муус модьоҕон тыыннаабыт Саҕастыырым” диэн саҥа тахсыбыт кинигэтин сырдатта, саалаҕа кинигэ быыстапката турда.

Саха норуотун киэн туттуута, поэт, прозаик, суруйааччы, литератураны ырытааччы, Саха өрөспүүбүлүкэтин норуодунай суруйааччыта Семен Андреевич Попов – Сэмэн Тумат 1944 сыллаахха Булуҥ оройуонун Тумат нэһилиэгэр учуутал дьиэ эргэҥҥэ төрөөбүт. Оскуоланы бүтэрэн баран Чурапчыга хачыгаардаабыт, онтон СГУ-га Саха тылын салаатын 1973 сылга үөрэнэн бүтэрбит П.А. Ойуунускай музейыгар научнай үлэһитинэн, “Эдэр коммунист” хаһыакка, Чурапчыга “Саҥа олох” хаһыакка корреспонденынан, “Маарыкчаан” телестудияҕа редакторынан үлэлээбит.

Сэмэн Тумат Чурапчы уонна Булуҥ улуустарын Бочуоттаах олохтооҕо, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ. Айымньылара: “Сылгы кистиир сыһыытыгар”, “Муора аатыгар олох”, “Туундара олоҕо”, “Улуу кыыл тыына”, “Иэс төлөнүүтэ”, “Батаһыннарыылаах биэ” уонна да атыттар. Ааптар айымньыларыгар туундара дьонун олохторун туһунан суруйар.

Бу дьоро үөрүүлэх тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: Ил Түмэн дьокутаата Александр Сусоев, Булуҥ улууһун аҕа баһылыга Афанасий Андросов, улуустааҕы култуура салалтатын салайааччытын эбээһинэһин толорооччу Светлана Захарова, кииннэммит бибилэтиэкэ салайааччыта Айталина Иванова, Арктика историятын уонна сайдыытын музейын салайааччыта Туяра Баясгалангийн. Мустубут дьон кининэн киэн тутталларын бэлиэтээн эҕэрдэлээтилэр, ааптар тылларыгар, Егор Поисеев мелодиятыгар “Улууспут төрөөбүт күҥҥүнэн” диэн гимн ыллаатылар.

Ыалдьыттар , ааптар кинигэтин быыстапкатын көрдүлэр, билистилэр уонна тэрээһинтэн олус астынан, ирэ-хоро кэпсэтэн-ипсэтэн сүргэлэрэ көтөҕүллэн тарҕастылар.

Санатар буоллахха, суруйааччы бу иннинэ Быыкап нэһилиэгин олохтоохторун кытта көрсөн санаа атастаһан, дууһалыын сынньанан ааста.

Яна Иванова, Маяк Арктики

Следите за самым важным и интересным в Telegram-канале и WhatsApp-группе ЯСИА
Тутаах тыллар