Булуҥ улууһугар сүппүт түөрт киһин көрдүүр бөлөх булла. Сүппүт дьон алтынньы 9 күнүгэр Тиксии бөһүөлэгиттэн вездеходунан тахсан Найба нэһилиэгин диэки айаннаабыттар, ол эрээри тиийиэхтээх сирдэригэр биллибэтэхтэр. Бу туһунан өрөспүүбүлүкэ быыһыыр сулууспатыгар алтынньы 13 күнүгэр биллэрбиттэр, диэн СИА кэпсиир.
Оройуоҥҥа салайар уорганнарга уонна быыһааччыларга муниципальнай таһымнаах ыксаллаах быһыы-майгы режимин биллэрбиттэрэ. Бу иннинэ снегоходунан сылдьан көрдөөн булбатахтара. Күүстээх тыал түһэн, уонна сиринэн сылдьар уустугун иһин эбии күүһү, үбү- харчыны тардарга быһаарыы ылыллыбыта.
«Бүгүн быыһыыр сулууспа сайаапкатынан көрдүүр үлэлэри тэрийэн ыытарга «Полярные авиалинии» авиахампаанньа Ми-8 бөртөлүөтэ, оройуон дьаһалтатын бэрэстэбиитэллэрэ, участковай, фельдшер уонна ГПС үлэһиттэрэ барбыттара. Ол түмүгэр Найба нэһилиэгиттэн 50 км тэйиччи сүппүт дьон көһүннүлэр », — диэн биэдэмистибэҕэ кэпсээтилэр.
Сүппүт дьон айаннаан испит вездеходтара алдьаммыта билиннэ, түөрт киһи туруга этэҥҥэ, барыларын эвакуациялаатылар.
This post was published on 14.10.2022 13:03 13:03