Булуҥ улууһугар «Приморский» уонна «Борогонское» хаһаайыстыбаларга күһүҥҥү хараал бүттэ. Тыа хаһаайыстыбатын управлениета сэтинньи 1 күнүнээҕи дааннайынан, улууска 15178 төбө таба баар.
Булуҥ улууһугар аҕыс табаны иитиинэн дьарыктанар хаһаайыстыба баар: МУП «Приморский», МУП «Борогонское», МУП «Булунский», ООО РКО «Кэрискэ», КМНСЭ «Амандачаан», КМНСЭ «От атах», КМНСЭ «Кундукан» уонна КФХ «Корякин И.В.».
Тустаах управление салайааччыта Николай Захаров эппитинэн, алтынньы 20 — сэтинньи 15 күннэригэр оройуоҥҥа 2021 сыллааҕы күһүҥҥү хараал ыытыллар.
Бу күннэргэ «Булунское» тэрилтэҕэ хараал былаан быһыытынан барар.
Ааптар: Ульяна Попова, «Маяк Арктики» хаһыат, Булуҥ улууһа