Булуҥ улууһугар 14 эдэр ыал олорор усулуобуйатын тупсарарыгар көмө харчы тутар кыахтанна. Бу туһунан ulus.media суруйар.
Быйыл «Обеспечение качественным жильем и повышения качества жилищно-коммунальных услуг на 2020-2024 гг.» бырагырааманан улууска барыта 10 585 049 солкуобай көрүллүбүтүн 14 эдэр ыал үллэстэр.
«Көмө харчыны Тиксии бөһүөлэгин алта ыала, Таймылыырга түөрт, Быковскайга – икки, Күһүүргэ уонна Ньаайбаҕа биирдии ыал ылыахтара», — диир Булуҥ дьаһалтатын социальнай сайдыыга салайааччы Вадим Бобровскай.
Харчыны эдэр ыаллар дьиэ ылыытыгар эбэтэр туттуутугар туһаныахтарын сөп.
This post was published on 27.04.2021 13:02 13:02