Булуҥ улууһугар ийэ буолар дьолу бастакыннан биллэрэр, оҕоҕо күн сырдыгын көрдөрөр маҥан халааттаах аанньал Долгунча Семенова буолар. Ийэлэр күннэрин көрсө «Маяк Арктики» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Тиксиитээҕи төрүүр дьиэ акушеркатын көрсөн, ийэ буолуу аналын, сирдээҕи сыаннастары тула кэпсэттэ.
– Бу Ийэ күнүгэр эн чопчу чугас сыһыаннааххын. Үлэҕин сырдатыаҥ дуо?
– Акушерка үлэтэ диэн олус эппиэтинэстээх, ону тэҥэ дьоҥҥо дьолу аҕалар аналлаах. Үөрэхпин бүтэрэн, идэбинэн 1995 сыллаахха үлэлии киириэхпиттэн, харыс да сиргэ хамнаабакка, билигин үрдүк категориялаах акушербын. Быйыл өр сыллаах сыралаах үлэм иһин «Доруобуйа харыстабылын туйгуна» бочуоттаах Бэлиэни туттардылар.
– Билиҥҥи үйэҕэ оҕо иитиитин туһунан тугу кэпсиэҥий?
– Омук-омук араастаан иитэр оҕону, этэргэ дылы, менталитет тус-туһунан буоллаҕа. Биллэн турар, хас биирдии төрөппүт оҕотун хайа сатыырынан иитэр, олоххо суолун таба сирдээн, сатабыллаах, баай-тот олохтоох, үчүгэй дьоһун ыал буоларыгар баҕарар. Мин санаабар, үлэттэн дьоллонор, дуоһуйар, киэн туттар, олох ыарахаттарыттан толлубат гына иитэр табыгастаах буолуо. Кэргэним уолаттарын айылҕа күүһүн сатаан туһанар, харыстыыр, араҥаччылыыр уонна бэйэтин туругун сатаан көмүскэнэр, бөҕөргөтүнэр киһи буола иитиллэрэ ордук дии саныыр уонна үксүн бэйэтэ дьарыктанар, онон кэргэммэр махталым муҥура суох. Уол оҕону иитиигэ уопсайынан кэккэ ыарахаттардаах. Билиҥҥи кэмҥэ туора быһыыны тулуйбат, эт-сиин өттүнэн чэгиэн-чэбдик, майгы-сигили өттүнэн ыраас тыыннаах дьиэ кэргэҥҥэ иитиллиэхтээх, киэҥ билиилээх-көрүүлээх, тулуурдаах үлэһит буолан норуотун барҕардар иһин дьулуурдаах буола үүнэн тахсыахтаах.
– Бу сылга улууска төһө элбэх оҕо төрөөтө?
– Ттохсунньу ыйтан аахтахха, тоҕус ый иһигэр 23 оҕо төрөөтө, онтон тоҕуһа кыыс, 14-дэ уол. Сыл түмүгэр көстүө, ааспыт сыллартан төрөөһүн элбээбитэ, аччаабыта.
– Үлэҕин, оҕо иитиитин уонна дьиэ кэргэҥҥин хайдах быһыылаахтык дьүөрэлиигин?
– Билиҥҥи олох наһаа тэтимнээхтик сайдан иһэр. Барытын кэмигэр оҥоро сатыыгын, нууччалыы эттэххэ, мобильнай буолуохха наада. Күннээҕи түбүгү былааннаатахха барыта кыаллар, олоххо киирэн иһэр. Биһиги дьиэ кэргэн күммүт сарсыарда 7 чаастан саҕаланар. Улахан уол устудьуоннуу сылдьар буолан, кыра уолбутун бүөбэйдиибит. Суунан-тараанан, чэйдээн баран уолбутун оскуолатыгар атаарабыт, бэйэбит үлэлэрбитинэн тарҕаһабыт. «Дьиэ кэргэн – омугу хаҥатар, сайыннарар сүрүн төһүү күүс» диэн этэллэрэ сөрү-сөп дии санаатым. Хонуктаах үлэҕэ үлэлиир буоламмын сүрүн дьиэ кэргэн эбээһинэһин кэргэним уолаттарынаан толорон, миэхэ олус улахан төһүү күүс буолаллар. “Ыал буолуу иэримэ дьиэни иччилиир, төрөтөр оҕону төлкөлүүр, урууну ууһатар аналлаах” дииллэрэ чахчы.
– Ийэ буолаары сылдьар дьоҥҥо, эдэр ийэлэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?
– Мин санаабар, аныгы ыал ийэтэ оҕолоругар истиҥ ийэ, бириэмэтин таба көрөн чугас доҕор буолуохтаах дии саныыбын. Биллэн турар, хас биирдии ийэ дьиэ кэргэниттэн ордон бэйэтигэр болҕомто ууруохтаах, сөбүлүүр дьарыгын сайыннарыахтаах. Ийэ буолаары сылдьар эдэр ийэлэргэ баҕарыам этэ оҕолоргут доруобай, мэлдьи үөрдэ уонна таптыы сылдьалларыгар. Киһи бу Орто дойдуга олоҕо үөрүүнэн кэмнэнэр. Оҕо төрөөтө – үөрүү, оҕо хаамта, тылланна – үөрүү, ыал буолла – үөрүү. Ол курдук биһиги олохпут дьолун-соргутун, тапталын биһирэмэ – оҕо төрүүр дьоло, ийэ, аҕа буолар үөрүүтэ. Иллээх ыал оҕолорун ис сүрэхтэриттэн таттаран иитэллэр, үтүөҕэ, кэрэҕэ уһуйан киһи-хара оҥороллор. Эһиги дьиэҕит иһигэр мэлдьи эйэ, дьол уонна өйдөһүү баар буоллун. Аҕа өйөбүлэ, ийэ таптала аттыгытыгар буолуохтун.
– Ийэ күнүн бырааһынньыгын туох дии саныыгын?
– Бу бырааһынньык төрүттэниитэ ийэҕэ дириҥ ытыктабылга олоҕурар. Ийэ эрэ сүрэҕэ аан дойдуга муҥура суох тапталы, истиҥ сыһыаны, нарын иэйиини тарҕатар. Мин тыа сирин дьиэ кэргэнигэр улааппыт буоламмын, туох ыарахаттары көрсөллөрүн уонна биир сомоҕо буолуу хайдаҕын бэйэбинэн билэбин. Бары сыратын биэрэн улаатыннарбыт, олоҕун анаабыт ийэбэр махталым улахан. Бигэ туруктаах дьиэ кэргэнэ суох судаарыстыба толору сайдар кыаҕа суох. Бүгүҥҥү күҥҥэ дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөргө, элбэх оҕолоох ыаллары өйүүргэ кэккэ миэрэлэр ылыллаллар. Ийэ хапытаала төлөнөр, чэпчэтиилэр, биир кэм төлөнөр субсидиялар, ыйдааҕы босуобуйалар кээмэйдэрэ улаатар, доруобуйа харыстабылын, үөрэх систиэмэтэ кэҥии тураллар. Сыллата уонунан саҥа оскуола, оҕо саада, спортивнай комплекстар, балыыһалар, олорор дьиэлэр тутуллаллар. Бу барыта ийэлэр сарсыҥҥы күннэригэр эрэллээх буолалларын туһугар оҥоһуллар дии саныыбын.
Долгунча Семенова Булуҥ улууһун Найба нэһилиэгэр Васильевтар дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Тапталлаах кэргэнэ, дурда-хахха туттар аҕалара Петр Борисович «Уус-Ленскэй» заповедникка дириэктэри солбуйааччыннан үлэлиир. Икки оторой-моторой уоллаахтар. Улахан уол Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет бастакы куурсун устудьуона, кыралара 1-кы нүөмэрдээх оскуола маҥнайгы кылаас үөрэнээччитэ.
Ааптар: Дарина ЧАБЫЕВА, Булуҥ улууһа
Хаартыска Долгунча Семенова тиэрдиитэ