Булуҥ улууһугар баһаары умулларыыга авиация үлэҕэ тардыллыаҕа

Фото: Артемий Грошев

Ааспыт сууккаҕа Булуҥ оройуонугар 120 гектар иэннээх улахан ойуур баһаарын буллулар,  умуруорууга авиацияны уонна эбии күүһү тардыахтара. Бу туһунан бээтинсэҕэ өрөспүүбүлүкэ экологиятын, айылҕаны туһаныыга уонна тыатын хаһаайыстыбатыгар миниистири солбуйааччы Андрей Коноплев иһитиннэрдэ.

«Нэһилиэктэргэ уонна экономика эбийиэктэригэр куттал суох. Баһаар икки улахан өрүс анараа өттүгэр буолла. Умуруорууга 11 киһи үлэлиир. Бүгүн эбии күүс, үп-харчы уонна авиация үлэҕэ тардыллара былааннанар», — диэн Андрей Коноплев биллэрдэ.

Ленскэй оройуонун арҕаа өттүгэр Чурапчы, Уус-Маайа, Томпо, Бүлүү оройуоннарыгар баһаарынай куттал төрдүс кылааһа олохтонно.

Баһаартан сэрэхтээх буолуу сезона саҕаланыаҕыттан Саха сиригэр 26 ойуур баһаара уонна 41 ландшафтнай бэлиэтэннэ. Уот ылбыт иэнэ 1279 гектарга тэҥнэстэ.

This post was published on 09.06.2023 11:03 11:03